Ыкса сибээстээх үлэлиэхтэрэ

Дьокуускайга «Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с №-дээх балыыһа – суһал көмөнү оҥорор киин» актовай саалатыгар медицинэ эйгэтин үлэһиттэригэр дьыалабыай көрсүһүү буолла. Анал медицинскэй көмөнү оҥоруу, ыксаллаах быһыыга-майгыга сөптөөхтүк дьаһанан үлэлээһин, эмтээһин-томтооһун, о.д.а. ыйытыыларга биир идэлээхтэр мустан кэпсэттилэр, санааларын үллэһиннилэр, үлэ үөрүйэҕин атастастылар. Бу туһунан делопроизводство уонна быраабы хааччыйар отдел начаалынньыгын э.т. Евгения Константинова кэпсээтэ.


«И.И.Джанелидзе аатынан суһал көмөнү оҥорор Санкт-Петербурдааҕы  научнай-чинчийэр институт» Россияҕа бастыҥ үлэлээҕинэн биллэр. Бу институкка аныгы үйэ үрдүк ирдэбилигэр толору эппиэттиир медицинскэй  ньымалары олоххо киллэрэллэр, сүһүөххэ эндопротезирование, трансплантация, о.д.а. араас уустук эппэрээссийэлэри оҥороллор. Маннык үрдүк таһымнаах үлэлээх институттан дириэктэр, профессор, м.н.д. Валерий Парфенов,  клиническэй үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы, профессор, м.н.д  Вадим Мануковскай,  анестезиологияҕа уонна  реаниматологияҕа кылаабынай бырааһы солбуйааччы, анестезиология уонна  реаниматология  клиническэй киинин салайааччы, доцент, м.н.к. Вячеслав Афончиков, о.д.а. кэлэн кытыннылар. «Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с №-дээх балыыһа – суһал көмөнү оҥорор киин», Дьокуускакйдааҕы медицинэ тэрилтэлэрин, улуус киин балыыһаларын быраастара сырыттылар.

Үлэ үөрүйэҕин атастаһар соруктаах көрсүһүүгэ тоноҕосторун эччэппиттэргэ суһал көмөнү оҥорууга, төбө, сүрэх эппэрээссийэлэригэр, о.д.а. саҥа ньымалары туһаныы туһунан сырдаттылар. Дьыалабыай кэпсэтии кэнниттэн ыраахтан кэлбит ыалдьыттар балыыһа үлэтин-хамнаһын билистилэр, отделениелары көрдүлэр-иһиттилэр, коллегаларын кытта санааларын атастастылар. Итиэннэ «Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с №-дээх балыыһа – суһал көмөнү оҥорор кииҥҥэ» аныгы ньымалары киллэрэр кыах толору баарын бэлиэтээтилэр. Үлэни харгыһа суох сайыннаран иһэр туһуттан хардарыта сибээстээх үлэлииргэ сөбүлэҥ түһэристилэр.

This post was published on 08.08.2016 16:53 16:53