Ый аҥарын иһигэр Саха сирин олохтоохторо 7 мөлүйүөнү уордардылар

Дистанционнай түөкүннээһин күн-түүн үрдүү турар. Саха сирин олохтоохторо күнүн аайы харчыларын уордараллар. Ыам ыйа саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ 77 буруйу кэһии бэлиэтэммит. 


Итинтэн 57-тэ дистанционнай түөкүннээһин, 20-тэ баан каартатыттан халааһын. Уопсай хоромньу 7 мөл солкуобайга тэҥнэспит. Бу туһунан Ис дьыала министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Саха сиригэр дистанционнай халааһын үс көрүҥэ баар: сымыйа баан үлэһиттэрэ, сымыйа атыы-эргиэн биллэриилэрэ уонна тутатына харчыланар сымыйа биржа былаһааккалара.

Буруйу кэһээччилэр 98%-нара атын эрэгийиэн бэрэстэбиитэллэрэ диэн, Саха сиринээҕи ис дьыала министиэристибэтин холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ этэллэр.

This post was published on 26.05.2021 11:01 11:01