YISG-2022: Интеллектуальнай оонньууларга 500-тэн тахса киһи кыттара былааннанар

II Норуоттар ардыларынааҕы интеллектуальнай оонньууларга омук дойдуларыттан, Россия регионнарыттан, Саха сириттэн барыта 500-тэн тахса киһи кыттар. Тэрээһин Дьокуускайга бэс ыйын 30 — от ыйын 10 күннэригэр ыытыллар.

2022 сыллааҕы интеллектуальнай оонньууларга  эдэр чинчийээччилэр, учууталлар, учуонай-экспертэр кыттыыны ылыахтара, суруйда YISG-2022 пресс-сулууспата.

Интеллектуальнай оонньуулар миэстэтигэр уонна тэйиччиттэн түһүмэхтэринэн ыытыллыахтара. Тэрийээччилэр иһитиннэрэллэринэн, манна Россия кристаллограф-теоретига, минералог, химик, педагог, Россия Наукаларын академиятын профессора Артем Оганов кэлиэҕэ.

Оонньуу үс сүрүн тэрээһинтэн турар: STEAM-бырайыактар, научнай конференция уонна математикаҕа, физикаҕа, химияҕа, информатикаҕа «Туймаада» олимпиадалара. Бэс ыйын 15 күнүгэр диэри математикаҕа, астрономияҕа, физикаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи Science Fair конференция-куонкуруска кыттарга сайаапка хомулунна.

This post was published on 16.06.2022 15:01 15:01