Олунньу ый үүнээйини олордор бириэмэ. Оҕуруоччуттарга түбүктээх үлэ кэмэ саҕаланар. Биирдиилээн ыал уонна хаhаайыстыбалар араас оҕуруот аhын, сибэкки эгэлгэтин рассадалыыллар.
Россельхознадзор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи салалтата ыhыллар үүнээйи сиэмэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ кэлиитин, харайыллыытын, атыыланарын, туттулларын хонтуруоллуур.
Ыhыыга анаммыт сиэмэ бастатан туран, суортаммыт уонна хаачыстыба бэрэбиэркэтин ааспыт, итиэннэ ону туоhулуур докумуоннаах, судаарыстыбаннай реестрга үүнээйи суорда киирбит буолуохтаах. Арассыыйа иһигэр бигэргэтиллибит ГОСТ-ка эппиэттээбэт сиэмэ олордуллара бобуллар.
Арассыыйа территориятын атын регионнарыгар харантыыннай суолталаах сыыс окко, үүнээйи кэрбээччилэргэ уонна ыарыыларга зоналар бааллар. Харантыыннай фитосанитарнай зонаттан кэлэр сиэмэ эбэһээт хонтуруолу ааһыахтаах.
Россельхознадзор Саха сиринээҕи салаатын үлэһиттэрэ 2017 сыллааҕы харантыыннай фитосанитарнай хонтуруолу ыыппыттарын түмүгүнэн, бакыаттаах оҕуруот аһын сиэмэтигэр (петрушкаҕа уонна редискэҕэ) 2 түбэлтэ харантыыннай суолталаах олус кутталлаах амброзия полыннолистная (Ambrosia artemisiifolia L.) диэн сыыс от сиэмэлэрэ булуллубуттара. Иркутскай уобалас бэтэринээрнэй лабораторията гербологическай эспэртиисэтин түмүгүнэн Амброзия сиэмэтэ буоларын бигэргэппитэ. Ол түмүгэр 6780 устуука бакыат федеральнай сокуон ирдэбилигэр олоҕуран уматыллыбыта.
Бу сыыс от биһиги дойдубутугар Америкаттан кэлбит. Силиһэ уонна күөх маассата күүстээх буолан бааһынаны, оҕуруот сирин, алаастары бүтүннүү саба үүнэр, олордуллубут туһалаах үүнээйилэри буомурдар, почваны биллэ мөлтөтөр. Маны таһынан киһиэхэ кытары кутталллах буолара биллэр. Сибэккилии турар кэмигэр сыты-сымары тулуйбат дьон улаханнык эмсэҕэлииллэр, бааһыраллар, «Амброзийный поллиноз», ол эбэтэр сенная лихорадка диэн ыарыынан ыалдьыахтарын сөп.
This post was published on 22.02.2018 18:00 18:00