Быйылгы Ыччат ыһыаҕа Мииринэйгэ бэс ыйын 30 — от ыйын 2 күннэригэр ыытылынна. Мииринэй куораттан 10-тан тахса биэрэстэ тэйиччи сытар, 2011 сыллаахха Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыбыт Чуоналыыр диэн сиригэр буолла.
Үс күн устата өрөспүүбүлүкэбит араас муннугуттан мустубут 33 хамаанда үс бөлөххө арахсан уонча көрүҥҥэ күөн көрүстүлэр — киин оройуоннар, хоту оройуоннар уонна уопсастыбаннай түмсүүлэр. Быйыл урукку сыллар курдук сүрүн бириис быһыытынан икки УАЗ массыына турда (биирин Ыччат министиэристибэтэ, иккиһин улуус дьаһалтата уйуннулар). Ол туһунан Мииринэй оройуонун ыччатын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Болотин өссө саас маннык диэн этэн турардаах: «Дьокуускай куораттан Мииринэйгэ диэри тыһыынчаттан тахса биэрэстэ баар. Онуоха диэри уонна төттөрү массыынаны сүүрдэн илтэхпитинэ саҥа тиэхиньикэ аатыттан ааһар. Ол иһин, массыына атыылаһар сертификат туттарыахпыт. Атын куонкурустарга эмиэ сыаналаах бириистэр турдулар. Ыһыах ыытыллар сирэ киэҥэ суох буолан, тэрээһиннэр аҕыйах хаамыылаах сиргэ ыытыллыахтара. Ыһыах сүрүн тиэмэтэ — норуоттар доҕордоһуулара”.
Ыччат ыһыаҕын үөрүүлээх аһыллыыта, үгэс быһыытынан, улуустар уонна уопсастыбаннай холбоһуктар парааттарынан саҕаланна. Улуустар хаһааҥҥытааҕар даҕаны оҥостон кэлбиттэрэ харахха тута быраҕыллар. Хас биирдии хамаанда таҥаһын-сабын, киэргэлин, үҥкүүтүн-битиитин бэлэмнэммитэ көрүөххэ олус кэрэ. Долгутуулаах кэрэ-бэлиэ бырааһынньык орто дойду айыллыытын көрдөрүүттэн саҕаланна. Үөрүүлээх чаас кэнниттэн хамаандалар түһүмэхтэринэн илин-кэлин түсүһэргэ бэлэмнэнэ тарҕастылар.
Афанасий Владимиров, Ыччат дьыалаларын уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин миниистирэ:
— Биһиги Мииринэйгэ, промышленнай куоракка кэлэн, ыччаты мунньубуппут мээнэҕэ буолбатах. Манна ыччат көрсөр, доҕордоһон, саҥа, сонун сири көрөр, сайын кэлбитин уруйдуур. Ол аата, манна хас биирдии ыччат дойдутун сайыннар санаалаах кытта кэлэр. Манна Нерюнгри, Булуҥ, Өймөкөөн курдук ыраах улуустартан хамаанда тэринэн кэлбиттэрэ хайҕаллаах. Онон ыһыахпытын бары бииргэ олус үчүгэйдик тэрийдибит.
Михаил Гуляев, СӨ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
— Ыччат ыһыаҕа үрдүк таһымнаахтык ыытыллар буолла. Маныаха бу далааһыннаах тэрээһин бырааһынньык быһыытынан ыччаты, норуоту түмэр. Онон ыытыллара саамай сөп. Эбиитин хапсаҕай уонна мас тардыһыытын күрэхтэһиитэ тэриллэрэ суолталаах дии саныыбын.
Ыһыахха Ил Дархан ыалдьыттаата
Ыччаты сайыҥҥы бырааһынньыгынан эҕэрдэлии Ил Дархан Егор Борисов ыалдьыттаата. Ил Дархан улуустар уонна холбоһуктар түһүлгэлэрин кэрийэн көрдө. Өлөөн, Мэҥэ Хаҥалас, Алдан, Ньурба ыччаттын интэриэһиргиир ыйытыыларыгар хоруйдаата. Итиэннэ Ыччат ыһыаҕын туһунан санаатын үллэһиннэ:
— Ыччаты кытта көрсөн баран, олус тэрээһиннээх уонна ситиһиилээх ыһыах буолан эрэр диэн санааҕа кэллим. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан 33 хамаанда кэлэн күөн көрсөн, санааларын атастаһан бараллар. Ыччат кыһалҕаларыгар болҕомто уурар туһуттан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Ыччат сылын биллэрбиппит. Кырдьык, ыччат билинэринэн, бу туһугар элбэх үлэ барбыт. Ыччат ыһыахтаан күрэхтэһэр эрэ буолбатах, дойдуга тапталын үлэнэн көрдөрөр, ханнык да тэрээһинтэн туора турбакка көхтөөхтүк кыттар. Бу сыл эдэрдэри кытта элбэхтик алтыстым. Онно үөрэҕин кэнниттэн тыа сиригэр төннүөн баҕалаах, нэһилиэккэ тардыһар ыччат элбэҕин бэлиэтээтим. Манна болҕомто ууруохха наада. Ыһыах Мииринэйгэ буолбута саамай сөп дии саныыбын. Промышленность сайдыытын ыһыахтыы кэлбит ыччат сөҕө көрбүтэ буолуо диэн эрэнэбин.
Бастыҥ эдэр уус – Петр Аргунов
Эдэр тимир уустарын күрэхтэһиилэрэ былырыын уопсай ахсааҥҥа киирбэтэх буоллаҕына, быйыл биир саамай тыҥааһыннаах көрүҥнэртэн биирдэстэрэ буолла. Манна улуустартан уопсайа уон аҕыс сайаапка киирдэ.
Күрэхтэһиини СӨ Ыччат дьыалаларын уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин министиэристибэтэ уонна Саха сирин уустарын сойуустара холбоон тэрийдилэр. Күөн күрэс икки түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакынан “Дэгиттэр түһүмэх” буолла. Манна маастардар аҕалбыт саха быһахтарын тургутан көрдүлэр. Холобур, кумааҕыны, хаппыт тиит маһы, эриллибит боолдьоҕу уонна алтан тимири быстылар. Иккис түһүмэххэ “Уус-уран оҥоһуулаах сахалыы быһаҕы” көрдүлэр. Бу түһүмэххэ дьүүллүүр сүбэ эдэр уустар эрдэттэн оҥорон аҕалбыт быһахтарын моһуонун сыаналаатылар. Икки түһүмэх түмүгүнэн кыайыылаах аатын Нам улууһуттан Петр Аргунов ылла. Киниэхэ МР-155 саа ыларга сэртипикээти туттардылар. Иккис миэстэҕэ тахсыбыт Василий Уваровка (Сунтаар) быһах сытыылыыр чочуну туттардылар. Үһүс бочуоттаах миэстэҕэ Ньурба улууһун эдэр ууһа Евгений Иванов тигистэ. Кини уһанар тэриллэри ыларга сэртипикээтинэн наҕараадаланна. “Маннык улахан күрэхтэһиилэргэ хаһан даҕаны кытта илигим. Бу бастакы холонуум. Урут уһаныахпын наһаа баҕарар этим эрээри, ылсыбакка сылдьыбытым. Быйыл кулун тутартан ылата саҕалаабытым. Улахан түһүлгэ күрэһигэр кыттан баран, кыайыылаах тахсыбыппыттан наһаа соһуйдум, долгуйдум, үөрдүм. Онон уһанарга үөрэтэр-такайар, сүбэлиир-амалыыр учууталбар Леонид Прокопьевич Говоровка махталым муҥура суох. Инникитин маннык күрэстэргэ өссө да кыттыам дии саныыбын,” – диэн кыайыылаах Петр Аргунов үөрүүтүн үллэһиннэ.
Ыччат ыһыаҕын күүстээхтэрин быһаардылар
Ыччат ыһыаҕар «Урааҥхай Боотур» уонна «Эр Бэрдэ» многоборье күрэхтэһиилэрэ буоллулар. «Урааҥхай Боотур» күрэхтэһиигэ 75 киилэҕэ диэри ыйааһыннаах уолаттар илин-кэлин түһүстүлэр. Маныаха 31 бөҕөһү кэннигэр хаалларан, быйылгы “Дыгын оонньууларын” кыттыылааҕа Үөһээ Бүлүү боотура Алексей Иванов кыайыылаах таҕыста. Киниэхэ 150 тыһыынчалаах сертификат туттардылар.
Оттон “Эр Бэрдэ” күүстээхтэр күрэхтэһиилэрэ быйыл бастакытын ыытылынна. Манна 24 быыппастар былчыҥнаахтар УАЗ массыынаны соһон, арматураны токурутан, чуона таастары таһан күүстэрин тэҥнэстилэр. Ол курдук, бастакы миэстэни былырыыҥҥы Дьааҥыга буолбут Олоҥхо ыһыаҕын боотурдарын оонньууларын кыайыылааҕа Сунтаар ааттааҕа Рустам Ксенофонтов ылла.
Сунтаар кэрэ кыыһа Алена Ядреева Күлүмнэс Куо аатын ылла
Ыччат ыһыаҕын саамай кэрэ кыыһынан Сунтаартан сылдьар Алена Ядреева буолла. Киниэхэ “Алмазная Краса – Күлүмнэс Куо” диэн ааты иҥэрэн, «Таас-Үрэх Нефтегазодобыча» хампаанньа туруорбут үрүҥ көмүс бастыҥатын кэтэттилэр. Икки күн устата 26 кыыс алта түһүмэҕинэн күөн көрүстүлэр. Кыайыылаах Алена идэтийбит үҥкүүһүт, быйыл ХИФУ-ну бүтэрбит эбит. 2014 сыллаахха Бүлүүгэ ыытыллыбыт Ыччат ыһыаҕын кырасаабыссыларын куонкуруһугар иккис миэстэни ылбыта. “Бу кыайыы миэхэ олус соһуччу буолла, бииргэ күрэхтэспит кыргыттарым бары бииртэн биир кэрэлэр, талааннаахтар. Манна кыттаары икки ый курдук бэлэмнэммитим, анаан-минээн таҥас тиктэрбитим. Бу аат-суол, бастатан туран, миэхэ эппиэтинэс уонна салгыы сайдарбар саҥа суол буолар”, — диэн Алена санаатын үллэстэр.
Олоҥхоһут ыччат түмүстэ
Фольклор көрүҥнэрэ бэйэтэ даҕаны спорт курдук тыҥааһыннаах күрэстэр буолан биэрдилэр. Куолас, тойук, тыл-өс хомоҕойо, хоһуйуу күүһэ бастыҥнары быһаарда. Аҕыс чаас устата буолбут күрэхтэһиигэ Сунтаар хамаандатын кыттааччыта Айсен Федоров бастакы миэстэни ылла. Оттон оһуохайга Ньурба улууһуттан Прокопий Федоров бастаан үөрүүтэ үксээтэ. Хомоҕой хомус дьырылыыр тыаһын дьүрүһүтэн Амма улууһун кыттааччыта Эркин Алексеев хомус күрэхтэһиитигэр бастаата.
Гитара доҕуһуолугар уйдаран
Бастакы күнү гитара доҕуһуолунан уйдаран, күөл кытылыгар олорон түмүктээтибит. Гитара күрэхтэһиитигэр барыта 26 хамаанда кыттыыны ылла. Кыттааччылар бэйэлэрэ айбыт уонна саха композитордарын ырыаларын ыллаатылар. Күрэхтэһии түмүгэр Мэҥэ Хаҥалас хамаандатын кыттааччыта Николай Куприянов бастакы миэстэни ылла уонна үөрүүтүн үллэһиннэ: “Ыччат ыһыаҕар бастакыбын кыттабын. Күрэхтэһиигэ хотоммун үөрдүм-көттүм. Бастыам диэн санаабат этим, ол эрээри хамаандам эрдэттэн хоторго бэлэмнээбитэ, ол көмөлөстө дии саныыбын”.
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, Ыччат миниистирин бастакы солбуйааччы Василина Лукина кыттааччылар бары олус күүстээх ырыаһыттарын, бэлэмнээхтэрин бэлиэтээтэ. Ону таһынан, инникитин Саха сирин ыччатын гимнэ буолуон сөптөөх ырыалары иһиттибит диэн санаатын үллэстэр.
Мэҥэлэр хайа үрдүгэр
Уопсай түмүккэ киин оройуоннарга Мэҥэ Хаҥалас улууһун хамаандата кыайда. Мэҥэлэр быйыл бэһистэрин кыайыы амтанын биллилэр. Кырдьык даҕаны, бу улуус хамаандата сылтан сыл биллэ күүһүрдэр күүһүрэн иһэр. Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын солбуйааччы Владимир Птицын: “Улууспутугар Ыччат ыһыаҕын сыллата тэрийэбит, онон хамаандабыт хас биирдии кыттааччыта манна бэйэтин кыаҕын, көҕүн көрдөрөн эрэ баран улуус хамаандатыгар киирэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыахха кытта кэлэр”, — диэн кэпсээтэ. Оттон бу бөлөххө иккис – Сунтаар, үһүс Нам улуустарын хамаандалара буоллулар.
Хоту улуустарга Томполоох Өймөкөөн тиһэҕэр диэри илин-кэлин түсүһэ сылдьыбыттара. Онтон уопсай ахсааҥҥа очукуолара тэҥнэһэн хаалан, балаһыанньа быһыытынан, хаачыстыбаны көрдүлэр. Томпо улууһун хамаандата үгүс көрүҥҥэ инники миэстэлэри ылаттаабыт буолан, бастаан таҕыста. Онон иккис Өймөкөөн хамаанадата, үһүс Кэбээйи хамаандата буоллулар.
Уопсастыбаннай түмсүүлэргэ бастакы миэстэни үһүс төгүллээн ХИФУ устудьуоннарын идэлээх сойууһа ылла. Иккис миэстэни Ньурба улууһун Куочай нэһилиэгин “Куочай ыччата” хамсааһына ылла. Бу – нэһилиэк уопсастыбаннай түмсүү быһыытынан кыттыытын бастакы уопута. Бастакы кыттыы диэтэххэ бэртээхэй көрдөрүүлээхтэр. Оттон үһүс миэстэни “Урааҥхай” спортивнай кулууп ылла.
This post was published on 03.07.2017 09:30 09:30