Ыччат күнүгэр, бэс ыйын 29 күнүгэр, «Ыччат ситимэ — 2024» бэстибээл Үс Хатыҥҥа буолла. 1000-тан тахса киһи кыттыыны ылла. Бу күн «Сила России» спортивнай хамсаныыга кытыннылар.
Ыччат мустан мас-рестлинг, гиирэ көтөҕүүтэ, тутум эргииргэ күрэхтэстэ. Маастар-кылаастар буоллулар: илиинэн оҥоһуу, уруһуй, дрону ыытыы, куоласка үлэлээһин, киберспорт. Бэстибээл «Этно-шоу» бырагырааманан түмүктэннэ.
Үөрүүлээх чааһыгар бастыҥ үлэлээхтэргэ наҕараада туттарылынна:
«Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ыччат бэлиитикэтин туйгуна» бэлиэ Галина Сидороваҕа.
«Дьокуускай куорат ыччатын бэлиитикэтигэр кылаатын иһин» бэлиэ Лилия Сивцеваҕа, Наталья Шубинаҕа, Валерий Ефимовка.
Дьокуускай куорат дьаһалтатын махтал суругунан Алена Кононова, Эрнест Васильев.
This post was published on 01.07.2024 12:01 12:01