Уус Алдан киинигэр Мүрү нэһилиэгин Бороҕон сэлиэнньэтигэр Нам улууһун ыччата баран кэллэ. Делегацияны А.Ф. Шестаков аатынан Норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта Елена Степанова салайан илдьэ сырытта. Ыаллыы сытар улууспут дьоно В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» культура дыбарыаһыгар кымыһынан, алгыстаах алаадьынан көрүстүлэр.
Үксүн культура эйгэтигэр үлэлии сылдьар ыччат барбыт буолан, культура тэрилтэлэрин көрдүлэр-иһиттилэр. Ол курдук, «Өркөн» оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр, Сэһэн Ардьакыап аатынан музейга, оҕо искусствотын оскуолатыгар сылдьан уопут атастастылар.
Киэһэтин Александр Гоголев айбыт бырайыагынан «Ыччат батл» күрэхтэһии үрдүк таһымҥа ааста. Бу күрэх эрдэ улуус иһигэр ыытыллыбыт буоллаҕына, бу сырыыга бастакытын атын улуус кыттыылаах тэрилиннэ. Ыччаты түмэр, сэргэхситэр сыалтан тэриллибит бырайыакка икки хамаанда – Намтан «Эҥсиэли» уонна Уус Алдантан «К.А.М. в кубе» кииристилэр. Интерактивнай, көрдөөх түһүмэхтэрдээх күрэххэ «К.А.М. в кубе» кыайан, 30 тыһ. уу харчынан наҕараадаланнылар.
Бэрт сэргэх, сонун бырайыакка кытыннара ыҥырбыт В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» культура дыбарыаһын үлэһиттэригэр, сырыыбытын уйуммут биир дойдулаахтарбытыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Аныгыс сырыыга Уус Алдан ыччата Нам улууһугар кэлэн уопут атастаһа, ыалдьыттыы кэлиэхпит диэн үөрэн-көтөн тарҕастыбыт.
Ааптар: Анна Созонова, «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата
This post was published on 19.03.2024 11:28 11:28