Ыксаллаах быһыыны-майгыны уонна ол содулун эрдэттэн сэрэтиигэ биир кэлим государственнай систиэмэни оҥоруу түмүгүн, 2016 сыллааҕы үлэ былаанын олунньу 16 күнүгэр Красногорскай куоракка ырыттылар.
Саха сирин баһылыга Егор Борисов Россия ЫБММ хомуурун кыттыылаахтарыгар өрөспүүбүлүкэ сирэ-уота улаханын, тыйыс климаттааҕын, промышленнай оҥорон таһаары улахан кутталы үөскэтэрин хардарыта дьайсан үлэлииргэ учуоттуур наадалааҕын ыйда.
Егор Борисов өрөспүүбүлүкэҕэ ЫБММ сулууспаларын материальнай-техническэй базаларын хаҥатыыга ыытыллар үлэ туһунан кэпсээтэ. Ол курдук, дьоҥҥо-сэргэҕэ суһаллык иһитиннэрии систиэмэтин саҥардарга 200 мөл.солк. туһаныллыбыт. Былырыын 1 млрд. солк. тахса суумаҕа анал тиэхиньикэни атыыласпыттар. Куттал суох буолуутун хааччыйыыга биир кэлим бырагыраама оҥоһуллубут. Онно 8,4 мрлд солк. көрүллүбүтүттэн, быһаары утары үлэҕэ 2,8 млрд солк. туттар былааннахтар.
Итини таһынан Ил Дархан федеральнай киин таһымыгар кэккэ боппуростары туруорда. Ол курдук, хотугу муора суолун сөргүтүүгэ үлэлиир дьоҥҥо куттал суох буолуутун хааччыйыыны турууласта. Тиксиигэ итиниэхэ анаммыт тустаах үлэ ыытыллар эбит буоллаҕына, Чиэрскэйгэ, Аллараа Дьааҥыга уталытыллыбат миэрэлэр ылыллыахтаахтар.
Егор Борисов ойуур баһаарын эрдэттэн сэрэтиигэ көрүллүбүт үбү-харчыны регионнарга кэмигэр тиэрдии тиһигин тохтоппот уонна маннык дьаһалы Россияҕа бүтүннүүтүгэр тарҕатар наадалааҕын ыйда. Маннык боруобалааһын түмүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаарын 70% эрдэ тохтотуллубут. Ити биллэн турар, хоромньута, содула улахана суох.
РФ ЫБММ баһылыга Владимир Пучков биир кэлим систиэмэ үлэтэ көдьүүстээх буолбутун ыйда. Ити түмүгэр 2015 сылга баһаар 4,6 %, дьон өлүүтэ 8,5% аччаабыт. Ууга былдьанар дьон ахсаана 8% намтаабыт. ЫБММ үлэһиттэрэ 270 тыһ. киһини быыһаабыттар.
This post was published on 18.02.2016 14:25 14:25