Ыарыы тарҕаныыта эбиллибэтэҕинэ хааччах сорох көрүҥнэрин устуохтара

Ыарыы тарҕаныыта эбиллибэтэҕинэ хааччах сорох көрүҥнэрин бу күннэргэ устуохтарын туһунан Ил Дархан Айсен Николаев бэҕэһээ, от ыйын 29 күнүгэр “Якутия-24” ханаалга биэрбит интервьютугар эттэ.


«Саха сиригэр күн аайы коронавируһунан 40-50 киһи ыалдьа турар, өлүү эмиэ баар. Дьаҥ тарҕаныытын географията кэҥиир. Ол эрэн ыарыы саамай ыарахан кэмин аастыбыт, салгыы коронавирус тарҕаныыта кыччаан барарыгар эрэнэбит», — диэтэ Айсен Николаев.

Кини экономиканы чөлүгэр түһэрии миэрэлэригэр болҕомтотун уурда. «Саха сиригэр атын регионнарга, дойдуларга холоотоххо хааччахтааһын сымнаҕас соҕус этэ. Ити үчүгэй өрүттэрин билигин көрө сылдьабыт – ыалдьыбыт киһибит ахсаанынан биһиги уопсай көрдөрүүттэн ортотугар сылдьабыт, оттон дьаҥ кэмигэр дьону үлэлэппиппитинэн — үчүгэйдэр ахсааннарыгар», — диэтэ Ил Дархан.

Билигин уон тыһыынча кэриҥэ киһи хааччахха олорор. Итинтэн аҥара култуура үлэһиттэрэ. Кинотеатрдар, театрдар, сааратар тэрээһиннэр дьон ыкса алтыһыытын таһааралларынан быһаарыллар. Кинилэр саамай бүтэһик үлэлиэхтэрэ, диэтэ баһылык. Икки тыһыынча кэриҥэ киһи спорт эйгэтигэр хааччахха олорор. 2,5 тыһ.киһи — уопсастыбаннай ас тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ.

«Өскөтүн балаһыанньа оннунан хааллаҕына бу күннэргэ сорох эйгэлэргэ сымнатыыны киллэриэхпит», — диэтэ Айсен Николаев.

This post was published on 30.07.2020 12:01 12:01