Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын старшай тренерин э.т. Александр Оконешников «Голден Гран-при Иван Ярыгин» турнирыгар өрөспүүбүлүкэттэн кыттааччылар ааттарын иһитиннэрдэ. 17 тустуук кыттар быраабы ылла.
Красноярскайга тохсунньу 22 — 26 күннэригэр аан дойду тустууга аренатын биир бастыҥ турнира ыытыллар. Саха сириттэн кыттар спортсменнар спортивнай бэлэм киинигэр түмүктүүр эргиирдэрин оҥороллор.
Ярыгин турнирыгар кыттыахтара: Арыйан Тютрин, Петр Константинов, Алексей уонна Петр Копыловтар, Егор Потапов, Георгий Окороков (57 кг), Ньургун Александров, Петр Павлов (61 кг), Виктор Рассадин, Айсен Потапов (65 кг), Револий Самсонов (70 кг), Ньургун Сергин (92 кг), Максим Толмачев (97 кг). Маны сэргэ Македония хамаандатыгар киирсэн, Владимир Егоров (61 кг) кыттара былааннанар.
Дьахталларга Саха сирин аатын көмүскүөхтэрэ Александра Карамзина (50 кг), Севиль Назарова (57 кг) и Алина Казымова (62 кг).
Сиһилии бырагырааманы кытта манна билсиҥ https://ysia.ru/sbornaya-yakutii-opredelilas-s-sostavom-na-yaryginskij-turnir/
This post was published on 17.01.2020 14:37 14:37