Саха аһын тарҕатааччы, Россия маастар-повара Иннокентий Тарбахов атырдьах ыйын 19 күнүгэр Ярославль куоракка ыытыллар «Пир на Волге» фестивальга кыттар.
«Биһиги тэрээһиҥҥэ хоту сир кыһыллыбыт балыгын, убаһатын этин уонна бу эттэн аһылыктары бэлэмнээтибит. Үүт аһылыкка ураты болҕомтобутун уурдубут. Биэ кымыһынан күндүлүөхпүт», — диэн СИА-ҕа Иннокентий Тарбахов эттэ.
Кини эппитинэн, кыттыылаахтар бэлэмнээбит астарын Швейцарияттан норуоттар икки ардыларынааҕы экспертэр хамыыһыйалара сыаналыыр. Хас биирдии хамаандаҕа 15 мүнүүтэ бэриллэр.
«Ону таһынан мин маастар-кылааһы ыытыам. Күөрчэҕи былыргы сахалыы хайдах ытыйарга уонна ону сир аһынан тупсарарга үөрэтиэм», — диир Иннокентий Тарбахов.
Ярославль куоракка буолар тэрээһин сэттэ площадканан хайдан үлэлиир. Манна элбэх кыттааччы кэлэрин тэрийээччилэр күүтэллэр.