Олимпийскай уот эстафетата чэппиэр күн Фукусима префектуратыгар J-Village футбол кииниттэн стартаата. Трансляция «Токио-2020» тэрийэр кэмитиэт саайтыгар көрдөрүлүннэ, суруйар ТАСС.
Церемония кэмигэр самурай, барабанщик уонна үҥкүүһүт көстүүмүн кэтэн сыанаҕа таҕыстылар. Фукусима үөрэнээччилэрэ Олимпиадаҕа анаан уруйдаабыттара көрдөрүлүннэ. Манна көтөн иһэр туруйалар, ууга ыстанан эрэр кит ойуулара бааллар. Япония оҕолорун толоруутугар хор Hana wa saku («Цветы распускаются») ыллаата.
Грецияттан аҕалыллыбыт олимпийскай уоттаах лампаада таһаарылынна. Онтон эстафета факела уматылынна. Бастакы сүүрүгүнэн 34 саастаах футболистка Адзуса Ивасимидзу буолла, кини Япония сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирсэн, 2006 — 2016 сылларга күрэхтэспитэ.
Сүүрүү 121 күн уһуннаах буолуоҕа, факелы 859 муниципалитетынан дойду 47 префектуратынан сырытыннарыахтара. Эстафетаҕа 10 тыһыынча кэриҥэ киһи кыттыаҕа.
Токиотааҕы олимпиада 2020 сыл от ыйын 24 — атырдьах ыйын 9 күннэригэр ыытыллыахтааҕа. Ити эрээри коронавируһунан пандемия биллэриллэн, күрэхтэһии 2021 сыл от ыйын 23 — атырдьах ыйын 8 күннэригэр буолара былааннаммыта.
This post was published on 25.03.2021 12:02 12:02