2021 сылга ыанньык төбөтүн аайы көрүллэр 35 тыһ солкуобай субсидия төлөбүрүгэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 1 млрд 253 мөл солк былааннаммыт. Маныаха кэтэх хаһаайыстыбалаах киһи булгуччу 2,5 га сирдээх буолара, элбэх кумааҕы хомуйсара, отчуоттуура ирдэниэ суоҕа. Бу туһунан Ил Түмэн тыа сирин, аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин мунньаҕар ахсынньы 28 күнүгэр тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ, бырабыыталыстыба чилиэттэрэ кыттыылаах мунньахха кэпсэттилэр.
Көмө харчы субсидия быһыытынан бэриллиэ. Маныаха тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов эппитинэн, сүөһүлээх дьонтон үгүс отчуот ирдэниэ суоҕа. «Субсидия ороскуоту уйунуу быһыытынан төлөнүө. Кэтэх хаһаайыстыбалаах дьонтон сыл бүтүөр диэри сүөһүлэрин энчирэппэттэрэ ирдэниэ. Ыанньык төбө ахсаана 2022 сыл тохсунньу 1 күнүгэр 2021 сыллааҕы дааннайы кытары тэҥ буолуохтаах. Сүөһүтүн көҕүрэппит киһи ылбыт субсидиятын судаарыстыбаҕа төннөрүө», — диэтэ миниистир.
Александр Атласов субсидия төлөнөрүн чопчулуур уурах бу күннэргэ тахсыан эттэ.
Ил Түмэн тыа сиригэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин дьокутааттар эрдэ эппит этиилэрэ өйөммүтүн, сир иэнинэн хааччахтааһын суоҕун, улахан докумуон, отчуот ирдэммэтин бэлиэтээтэ.