«Яндекс. Переводчик» тылбаастыыр сервискэ саха тыла киирдэ.
«Яндекс» хамаандатыгар энтузиастар көмөлөһөн, 50 тыһыынчаттан тахса сахалыы тыл ситимин хомуйан, нууччалыы тылбаастаан биэрдилэр.
Тылбаасчыты сайтка эбэтэр анал сыһыарыы хачайдаан туһаныахха сөп. Исписэлиистэр этэллэринэн, бу санаа 2017 сыллаахха үөскээбит. Саха тылын киллэрэргэ сервискэ эрдэттэн баар түүр тылларын систиэмэтин туһаммыттар: түүр тылын синтаксиһын, морфологиятын, сурук бэлиэлэрин учуоттуур, диэн суруйар НВК «Саха».
This post was published on 28.04.2020 14:05 14:05