Бу күннэргэ ыанар ынах төбөтүгэр 35 тыһ солк ылбыттартан отчуот хомуйа сылдьаллар. Сорох дьон ону өйдөөбөтө. Тоҕо диэтэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев «Саха» ханаалыгар быһа эфиргэ «Отчуот ирдэммэт, кылаабынайа ыанар ынаххыт ахсаанын аччатымаҥ» диэбитэ. Ол иһин тыа дьоно чек да, квитанция да хомуйбатахтарын кэпсииллэр. Дьиҥэр, кыстыгы этэҥҥэ туоруурга анаммыт отторун-мастарын чөкөтөн, хотоннорун бэлэмнээн, үлэ бөҕө буолаахтаатахтара, хардыыларын аайы харчы бөҕө хамнаатаҕа. ГСМ, тиэйии-таһыы, бурдук-от атыылаһыыта үбэ суох бэйэтэ бэлэмнэниллибэтэ чахчы.
Санатан эттэххэ, тус хаһаайыстыбанан дьарыгырааччыларга 2021 сылтан ыанар ынах ахсаанын оннунан хаалларар усулуобуйаҕа 1 төбөҕө 35 тыһ солк субсидия көрбүттэрэ. Көмө харчыны сыл саҥатыгар хас ыанар ынах баара бэлиэтэммитинэн биэрэллэр. Хаһаайыстыбыннай кинигэҕэ көннөрүүнү от ыйын 1 күнүгэр дылы оҥоруохха сөп. Арассыыйа тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 345 №-дээх бирикээһинэн хаһаайыстыбыннай кинигэни сыл аайы от ыйыгар саҥардыахтаахтар.
Тыа сирин дьоно Ил Дархан Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы тосхолугар туруорбут соругун толордо диэххэ наада. Ол курдук 2021 сыл түмүгүнэн, ыанар ынах ахсаана, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, 3,3 бырыһыан эбилиннэ, 74 505 төбө буолла. Ол аата ынахтарын ахсаанын оннугар хаалларбыттар, сорохторо элбэппиттэр даҕаны.
Чуолаан, Хаҥалас улууһугар бу отчуоту атыы-кутуу буолбутун туһунан бигэргэтэр докумуоннардаах эрэ тутабыт диэн ирдээтилэр. Олохтоохтор айманаллара өйдөнөр. Ол сайын, саас атыыласпыт чектэрин, квитанцияларын кыс ортото хантан булан ылыахтарай?!
“Үп министиэристибэтэ былааннаах бэрэбиэркэҕэ кэлэн олорор. ЛПХ отчуота олох булгуччулаах диэтилэр. Онон оптуорунньукка диэри олохтоохтортон туох баар ороскуоттарын сиһилии отчуоттуулларын ирдээтибит. Улуус иһинэн баар сөбүлэҥҥэ “ыытыллыбыт үлэ түмүгүн отчуоттааһын” туһунан ирдэбил баар. Бэрэбиэркэ билигин даҕаны бүтэ илик, үп министиэристибэтэ отчуоту көрдүү олорор. Ынах ахсаанын оннунан хаалларааһыны үгүс өттө толордо. Оттон ороскуот отчуотун аҥаардара эрэ биэрдилэр. Кими даҕаны күһэйбэппит, биэрэр дьон биэрэр. Үп министиэристибэтэ туох диирин күүтэбит”, — диэн Хаҥалас улууһун Тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччытын солбуйааччы Ирина Константинова кэпсээтэ.
СИА атын улуустарга олохтоохтортон хайдах быһыылаах отчуот ирдэнэрин сураста.
Уус Алдан улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Степан Бочкарёв: “Отчуот хомуйа сылдьабыт. Муниципальнайдааҕы быраап актатын быһыытынан, 2 форма отчуоту биэрэллэр. 1. Ынаҕын ахсаанын аҕыйаппатаҕын туоһулуур (хаһаайыстыбыннай кинигэттэн выписка). 2. Субсидияны сыалыгар туттубутун туоһулуур ороскуоттар реестрдарын. Кэтэх хаһаайыстыба баһылыга илии баттааһыннах. Чектары, дуогабардары, квитанциялары туттарбаттар”, — диэн эттэ.
Сунтаар улууһун ТХУ-тын салайааччыта Владимир Анисимов: “Ил Дархан чековай отчуоту боппута, онон биһиги көмөнөн туһаммыт дьонтон, харчыны туохха бараабыттарын көннөрү ыйыталаһан ыспыраапкалаатыбыт. Маныаха олохтоох баһылык бу ыспыраапкаҕа илиитин баттаан реестрга киллэрэр. Ону таһынан, ынахтарын ахсаанын аҕыйаппатахтарын туһунан хаһаайыстыбыннай кинигэттэн выписка биэриэхтээхтэр. Бу манна үс нэһилиэккэ кыра кыһалҕалар үөскээтилэр. 2020 уонна 2021 сылларга электроннай хаһаайыстыбыннай кинигэҕэ киирбиппит. Электроннай системабыт ыарахттары көрүһүннэрэн, сатаан выписка биэрбэтэ. Онон сорох нэһилиэктэр отчуоттарын нэһилиэк баһылыга илии баттааһыннаах былыргылыы хаһаайыстыбыннай сурунаалтан ылан биэрдилэр», — диэтэ.
2021 сыл бүддьүөтүгэр ыанар ынахха көрүллэр субсидияҕа анаан 1 млрд 278 мөл 585 тыһ көрүллүбүт.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата отчуот хайдах быһыылаахтык барыахтааҕын бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Михаил Никифоров комментарийыгар ыйда: «Ил Дархан былырыын отчуоту көрдөөмөҥ диэн эппитэ. Бырабыыталыстыба субвенцияны улуустарга тиэрдэр уурааҕар “бүддьүөт кодексыгар, СӨ нуорма докумуоннарыгар олоҕуран” диэн уопсай тылынан ыыппыта. Аһаҕастык этиэххэ наада, Үп министиэристибэтин хонтуруоллуур структуралара ирдэтэ сатыылларын ылынан, сорох улуус отчуоттатаары гынара баар. Үп министиэристибэтэ тус интэриэһин көрүнэн, отчуот баар буолуохтаах диирэ дьону долгутар. Оттон бырабыыталыстыба хайаан да элбэх докумуонунан отчуоттааҥ диэн ирдээбэт. Нэһилиэк кинигэтиттэн сүөһү ахсаана суруллубут ыспыраапка наада, онон бүтэр. Саҥа сокуон олоххо киирэригэр син-биир итэҕэс-быһаҕас баар буолуо. Анаалыстаан баран, 1-2 сылынан докумуоннары көннөрүүгэ учуоттуохпут».
This post was published on 27.01.2022 16:49 16:49