Яна Байгожаева: “Дьол ханна олороруй?” 

Яна Байгожаева аата саха поэзиятыгар биллибитэ син балайда буолла. Кини кинигэ таһаарарга ыксаабат, аа-дьуо үлэлиир хоһоонньут буолар. Саха литературатын историятыгар ыал буолан, оҕо төрөтөн баран сүтэн, симэлийэн хаалбыт чаҕылхай талааннаах кыргыттар  бааллара. Байгожаева ол суолунан баран, көннөрү поэзияны билэр, мындыр ааҕааччы да буолан хаалар кыахтааҕа, диэн санаатын этэр саха народнай поэта Наталья  Харлампьева. 


Яна Байгожаева саҥа кинигэтэ чахчы поэзиянан олорорун, тыынарын уонна айар талаана үүммүтүн-сайдыбытын туоһулуур. Бастатан туран, кинигэҕэ ааптар сиппитэ-хоппута кини айымньыларын ис хоһоонунан, ситэрсэн биэрэр поэтическэй уобарастарынан  наардаабытыгар, бөлөхтөөбүтүгэр көстөр. Хоһооннору түһүмэхтэргэ түмүү – бу ааптар бөлүһүөктүү көрүүтүн уонна ааҕааччыга ситэри толкуйдуур кыах биэрэр ньымата.  Ол курдук  күһүн, дойду, таптал, арахсыы туһунан кэрдиистэр  элбэх санааны саҕаллар уонна  ааҕааччыга ааптар кытаанах түмүктээһинэ суох  өҥүл анаарар кыаҕы биэрэллэр.

Кинигэтин устатын тухары Яна Байгожаева  бэйэтэ туруорбут  “Дьол ханна олороруй?”  диэн ыйытыытыгар эппиэтииир. Кини эппиэттэрэ аһаҕастар уонна судургулар, дьиҥ сахалыы тыыннаахтар —  киһи дьоло аттыгар, чугас баар.  Төрөөбүт дойдутугар, эргэ дьиэтигэр тиийэн оһох отунна да киниэхэ  дьоллоох турук сүрэҕэр олохсуйар,  айыылара эрэ антах хайыспатылар да дьол субу баар, көҥүллүк көтөн күпсүйдэ да дьол кинилиин аргыстаһар…  Саха киһитин сиэринэн кини дирбиэннээхтик дьолун туһунан саҥарбат, ол эрээри дьоллоох буоларга, дьолу сонордуурга кини бэлэм. Ол айаныгар Яна Байгожаева элбэх поэтическэй булумньулаах.

Таптал уонна арахсыы туһунан хоһооннору суруйарга икки суол куттал баар. Бастакыта – ааҕааччы ааптар күннээҕи иирбэ-таарба санааларын суруйбутуттан түргэнник хал буолар, хаһан эрэ, ханна эрэ аахпыт курдук санаан киирэн барар. Иккиһэ – сорох поэтессалар таптал туһунан хоһооннорун ааҕааччыга (чуолаан эр киһи  ааҕааччыга) күндүркэйии  курдук, ымсыырдар, угуйар, манньытар  кистэлэҥ санаалаахтык суруйаллар. Ол өтө көстөөччү. Бу саха поэзиятыгар бүгүн баар көстүү.
Байгожаева олус намчы лирик, кини хоһоонноро кыыс, дьахтар санаатын сарбынньаҕын  көрдөрөллөр, ол эрээри ити эппит итэҕэстэрим киниэхэ суохтар. Саба быраҕан көрдөххө, кини да хоһоонноро күннээҕини тиһэргэ дылылар, ол эрээри циклларга холбонон бэйэтэ таптал туһунан уустук сюжеттаах роман курдук дириҥээн, салааларга  арахсан биэрэллэр. Түмүгэр ааҕааччыны  таптал, арахсыы эрэ туһунан буолбакка олох сыаннастарын туһунан, дьол ис хоһоонун, дойдугар, дьоҥҥор иэстэриҥ туһунан  толкуйдуурга ыҥыраллар.

Ааптар төрөөбүт дойдутугар тапталын туһунан доргуччу эппэт эрээри, эргэ дьиэтин монологуттан, Кытай истиэнэтигэр санаабыт санаатыттан, ийэ сирин кичэйэн үллүйэр  хаартан, тапталлааҕар аныыр алгыһыттан ол иэйии хайдах курдук күүстээҕин ааҕааччыга итэҕэтэр. Кинигэҕэ соһуччу уобарастар бааллар, ол Яна Байгожаева тус бэйэтин ураты булуулара — олортон биирдэстэрэ “аалай уостаах арахсыы хотуна”. Бу кинигэтигэр ааптар саха Тымныытыгар гимны, өрөгөйдөөх ырыаны аныыр – кини тымныыны кэтэһэрин, күүтэрин, ону ааһан тымныы хара дьайы кыйдыырын  этэр. “Тымныыттан мин дьолбун сомсобун” – диир ааптар. Бу саха киһитин бүччүм санаата олус итэҕэтиилээхтик, уу сахалыы Яна Байгожаева хоһоонноругар  киирбит.

Өссө биир  атыттарга суох уратыны бэлиэтиэхпин баҕарабын. Яна Байгожаева бу кинигэтигэр кини соҕотох бэйэтин омугун ыырыгар эрэ хаайтарбатын, аан дойдуну анаарсыһар кыахтааҕын көрдөрөр. Ол курдук кини Гарсиа Маркеһы кытта диалог быһыытынан суруйбут хоһооно, Редьярд Киплинг, Федор Тютчев, Сергей Есенин, Анна Ахматова, Иосиф Бродскай, Расул Гамзатов хоһооннорун тылбаастара кинигэҕэ киирбиттэр. Бу бэйэ эрэ ыырын кэҥэтии буолбатах, бу — саха поэзиятын  далааһынын кэҥэтии буолар.

Ааҕааччыга сүрэҕин аһар түгэнигэр  лирик поэт истиҥ уонна кинини бэйэтин тулуппат  кырдьыксыт тыллара  туспа суоллаах буолаллар. Мин көрдөхпунэ ааптар ол суолу таба тайаммыт курдук. Яна Байгожаева олоҕор дьол сонордьута эбит буоллаҕына, саха поэзиятыгар бааттаах хоһоон сонордьута буола турдун.

This post was published on 26.11.2020 16:02 16:02