«Новые люди» фракция Госдуумаҕа ыам ыйын 1 — 9 күннэригэр уһун өрөбүл туһунан сокуон бырайыагын киллэрдэ. Фракция баһылыгын бастакы солбуйааччы, Госдуума вице-спикера Владислав Даванков эппитинэн, тоҕус күн өрөбүл саҥа дьыллааҕы бырааһынньык түөрт бүтэһик күнүн ыам ыйыгар көһөрөн биэриигэ олоҕурда.
Кини эппитинэн, суһаллык сокуону ылыннахха, бу сылга өрөбүллэр тохтоло суох муус устар 29 — ыам ыйын 9 диэри буолаллара күүтүллэр. «Кэлэр сылга тохсунньутааҕы бырааһынньык тохсунньу 1 — 3 күннэрэ, манна Ороһооспо эбиллэр (тохсунньу 7 күнэ), оттон ыам ыйдааҕы — тохтобула суох өрөбүллэр, ыам ыйын 1 — 9 күннэригэр түбэһэллэр», — диэтэ Владислав Даванков.
Быһаарыллыбытынан, көҕүлээһин үлэлээбэт бырааһынньык күннэрин уопсай ахсаанын элбэппэт да, аҕыйаппат да, бюджекка ороскуот эмиэ улааппат. Даванков санаппытынан, регионнар бэйэлэрэ ыам ыйынааҕы бырааһынньыктарга эбии өрөбүллэри көрүөхтэрин сөп, ити эрээри оннук быраабынан туһамматтар.
This post was published on 06.04.2023 14:01 14:01