Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһитиннэриитинэн, ыам ыйын 11 күнүнээҕи туругунан, ынах сүөһү ахсаана – 200 970 төбө, ол иһиттэн ыанар ынаҕа – 76 097. Төрүөх 84,1% тиийбит. Онтон дьөһөгөй оҕотун ыллахха, уопсайа – 189 378 сылгы, ол иһиттэн биэтэ – 121 778 төбө. Төрүөх 71,4% тэҥнэспит.
Быйыл сайылыкка барыта 41 тыһыынчаттан тахса ынах сүөһү тахсара былааннанар. Ол иһиттэн ыанньыга – 19 тыһыынча кэриҥэ төбө. Барыта 348 сайылык баар, онтон 332 – үүт пиэрмэтэ.
Ити үөһэ этиллибит, уопсай ынах сүөһү ахсааныттан, 2 668 төбөтө саха сүөһүтэ. Өбүгэлэрбит иитэн кэлбит ураты сүөһүлэрэ, норуоппут баайа. Күн бүгүн икки отделение сайылыкка көһөн олороллор. Өбүгэлэрбит уһун кыһын кэнниттэн күөххэ үктэнэн, күүтүүлээх сайылыктарыгар тахсар кэмнэрэ саха киһитигэр ураты өйдөбүллээх.
«Саха сирэ» хаһыакка СӨ «Саха сүөһүтэ» генофонда хааһына тэрилтэтин дириэктэрэ Александр Еремеевич АРТЕМЬЕВ үлэ-хамнас, инники былаан туһунан кэпсээтэ.
Ил Дархан 2018 сыл ахсынньы 11 күнүгэр таһаарбыт 232 №-дээх «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын стратегическай хайысхаларын туһунан» ыйааҕар 2024 сылга саха сүөһүтүн ыанар ынаҕын ахсаанын 1000 төбөҕө тиэрдэргэ сорук туруорбута. Бу сорудах туолуута хайдаҕый?
— Ил Дархан ыйааҕа тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, сүөһү иитэр дьоҥҥо наадалаах, сыһыаннаах буолбакка, бу бүтүн норуот туһугар ылыллыбыт улахан суолталаах ыйаах. Холобур, төһө да биһиги сахалар аҕыйах ахсааннаах буолларбыт бэйэбит ураты сүөһүлээхпит, сылгылаахпыт. Ханна да маннык омук суох. Учуонайдар бэлиэтииллэринэн, бүтэһик 80-100 сыл иһигэр аан дойду үрдүнэн 30-тан тахса ынах сүөһү боруодата эстибит, сүппүт. Биһиги сахабыт ынаҕа инник дьылҕаламматын туһугар үгүс үлэ ыытыллар.
Ыйаах туолуутун эттэххэ, 2023 сыл маҥнайгы кыбаарталын түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 2 668 төбө саха сүөһүтэ баар, ол иһиттэн ыанар ынаҕа – 1 079 төбө. Дьэ, бу мантан 42% биһиги тэрилтэбитигэр иитэллэн турар. Онтон атына өрөспүүбүлүкэ 17 тирэх хаһаайыстыбатыгар уонна кэтэх ыалларга баар.
Биһиги тэрилтэбит саха сүөһүтүгэр бас салаа (оригинатор) быһыытынан үлэлиир. Ол аата саха сүөһүтүн тэнитиигэ, тарҕатыыга үлэни баһылыыр-көһүлүүр. Биһигиттэн тирэх хаһаайыстыбалар ыраас хааннаах сүөһүнү ылан иитэллэр, үөскэтэллэр.
Сахабыт сүөһүтүн өбүгэлэрбит саҕаттан олохсуйбут уратытын сүтэрбэккэ илдьэ сылдьыы, кэлэр көлүөнэҕэ ону тириэрдии биһиги тэрилтэбит сүрүн соруга.
Онтон ини ситиһэргэ бастатан туран, ахсаанын элбэтиэхпитин наада. Күн бүгүн, 17 тирэх хаһаайыстыбаны кытта ыанар ынах ахсаанын 1000-тан таһаардыбыт. Биһиги тэрилтэбитигэр ынах ахсаана – 366 төбө.
Сиһилии «Саха сирэ» хаһыат ыам ыйын 18 күнүгэр тахсыбыт №19 ааҕыҥ.
This post was published on 23.05.2023 14:01 14:01