Ыам ыйын 8 күнэ Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, сорох дойдуларга бүгүн Кыайыы Күнүн бэлиэтииллэр. Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый тэрилтэтин аан дойдутааҕы күнэ. Бу күн 1945 саха саллаата Феодосий Донской Рейхстаг эркинигэр сурук хаалларбыт: «Были и мы из Якутии». Аҕа дойду улуу сэриитин историятыгар кыһыл көмүс буукубанан суруллар чахчынан биир дойдулаахтара киэн тутталлар.
🔹1713 — Санкт-Петербург Арассыыйа киин куората буолбут.
🔹1945 — Европа орто кэминэн 22 чаас 43 мүнүүтэҕэ (Москубаҕа уонна Дьокуускайга хайыы үйэ ыам ыйын 9 күнэ этэ, Москубаҕа — түүн, Дьокуускайга — сарсыарда) Карлсхорст диэн Берлин куорат таһынааҕы сиргэ Германия сэриилэрэ бэринэллэрин туһунан докумуоҥҥа илии баттаммыт.
🔹1945 — Саха саллаата Феодосий Донской Рейхстаг эркинигэр сурук хаалларбыт: «Были и мы из Якутии». Бу Ньурба Маалдьаҕарыгар төрөөбүт киһи кэлин Саха араадьыйатыгар үлэлээбитэ, учуонай буолбута.
🔹1945 — Ньурба Бэстээҕиттэн төрүттээх Василий Халанников Латвияҕа кыргыһыы кэмигэр икки ньиэмэһи тыыннаахтыы тутан наҕараадаҕа түһэриллибит. Бу саллаат 1944 сыллаахха «Кыым» хаһыакка бэчээттэммит сурук ааптардарыттан биирдэстэрэ.
🔹1953 — Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый күнэ аан бастаан бэлиэтэммит. Бу күн Кыһыл Кириэс тэрилтэтин 1863 сыл олунньутугар тэрийбит Швейцария уопсастыбаннай диэйэтэлэ Анри Дюнан (1828—1910) төрөөбүт күнүгэр олохтоммут.
🔹1990 — Эстонияҕа дойду тутулуга суоҕа чөлүгэр түһэриллиитин туһунан сокуон ылыллыбыт.
🔹2007 — Мүрү оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Алина Сторожева ууга өлөн эрэр дьахтары мууһунан сыыллан киирэн быыһаабыт.
🔹2012 — Греция Олимпия куората Дьокуускай куорат доҕордуу куората буолбут.
🔹2019 — Любовь Борисова туруорбут «Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт» диэн аар-саарга аатырбыт сахалыы уус-уран киинэтэ аан бастаан көстүбүт.
Төрөөбүттэр:
🔸1897 — билиҥҥи Мэҥэ-Хаҥалас (уруккунан Илин Хаҥалас) улууһун Мөҥүрүөн (Хара) нэһилиэгэр уус ыалыгар Николай Степанов — Ноорой төөрөбүт (1975 с. өлб.) — олоҥхоһут, ырыаһыт, ССРС суруйааччыларын холбоһуктарын чилиэнэ.
🔸1963 — саха аатырбыт режиссера Федот Потапов дьиэ кэргэнигэр Елизавета Потапова төрөөбүт — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.
Өлбүттэр:
🔹1873 — Дьон Стюарт Милл, Британия, бөлүһүөк.
🔹1903 — Поль Гоген (1848 төр.), Франция, худуоһунньук, постимпрессионизм биир сүрүн бэрэстэбиитэлэ.
🔹1932 — литэрэтиирэ кириитигин, «Саха омук» уонна «Саха кэскилэ» уопсастыбалар чилиэннэрэ буола сылдьыбыт Бороҕон улууһун II Лөгөйүттэн төрүттээх Василий Леонтьевы Иркутскай куоракка 37 сааһыгар ытан өлөрбүттэрэ (1895 төр.).
Сиһилии:
https://sah.wikipedia.org/wiki/Донской_Феодосий_Семенович
https://sah.wikipedia.org/wiki/Ыам_ыйын_8
https://sah.wikipedia.org/wiki/Халанников_Василий_Васильевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Сторожева_Алина_Юрьевна
https://sah.wikipedia.org/wiki/Олимпия_(Греция)
https://sah.wikipedia.org/wiki/Мин_үрдүбэр_күн_хаһан_да_киирбэт_(киинэ)
https://sah.wikipedia.org/wiki/Степанов_Николай_Иванович_-_Ноорой
https://sah.wikipedia.org/wiki/Потапова_Елизавета_Федотовна
https://sah.wikipedia.org/wiki/Леонтьев_Василий_Никанорович
This post was published on 08.05.2020 09:01 09:01