Ыам ыйын 8 күнэ. Иккис аан дойду сэриитин сиэртибэлэрин ахталлар - Бикипиэдьийэ

1945 сыллаахха Европа орто кэминэн 22 чаас 43 мүнүүтэҕэ (Москубаҕа уонна Дьокуускайга хайыы үйэ ыам ыйын 9 күнэ этэ, Москубаҕа түүн, Дьокуускайга — сарсыарда) Карлсхорст диэн Берлин куорат таһынааҕы сиргэ Германия сэриилэрэ бэринэллэрин туһунан Аакка илии баттаммыт.

Ити кэмҥэ саха саллаата Феодосий Донской Рейхстаг эркинигэр сурук хаалларбыт: «Были и мы из Якутии». Бу Ньурба Маалдьаҕарыгар төрөөбүт киһи кэлин Саха араадьыйатыгар үлэлээбитэ, учуонай буолбута.

2007 сыллаахха Мүрү оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Алина Сторожева ууга өлөн эрэр дьахтары мууһунан сыыллан киирэн быыһаабыт.

Бу күн олоҥхоһут, ырыаһыт Николай Степанов-Ноорой, тыйаатыр уонна киинэ артыыһа Елизавета Потапова төрөөбүттэр.


Бэлиэ күннэр:

Түбэлтэлэр:

  • 1713 — Санкт-Петербург Арассыыйа киин куората буолбут.
  • 1895 — Кытай Тайвань арыыны Японияҕа биэрбит.
  • 1945 — Европа орто кэминэн 22 чаас 43 мүнүүтэҕэ (Москубаҕа уонна Дьокуускайга хайыы үйэ ыам ыйын 9 күнэ этэ, Москубаҕа түүн, Дьокуускайга — сарсыарда) Карлсхорст диэн Берлин куорат таһынааҕы сиргэ Германия сэриилэрэ бэринэллэрин туһунан Аакка илии баттаммыт.
  • 1945 — Саха саллаата Феодосий Донской Рейхстаг эркинигэр сурук хаалларбыт: «Были и мы из Якутии». Бу Ньурба Маалдьаҕарыгар төрөөбүт киһи кэлин Саха араадьыйатыгар үлэлээбитэ, учуонай буолбута.
  • Ньурба Бэстээҕиттэн төрүттээх Василий Халанников Латвияҕа кыргыһыы кэмигэр икки ньиэмэһи тыыннаахтыы тутан наҕараадаҕа түһэриллибит. Бу саллаат 1944 сыллаахха «Кыым» хаһыакка бэчээттэммит сурук ааптардарыттан биирдэстэрэ.
  • 1953 — Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый Аан дойдутааҕы күнэ аан бастаан бэлиэтэммит. Бу күн Кыһыл Кириэс тэрилтэтин 1863 сыл олунньутугар тэрийбит Швейцария уопсастыбаннай диэйэтэлэ Анри Дюнан (1828—1910) төрөөбүт күнүгэр олохтоммут.
  • 1990 — Эстонияҕа дойду тутулуга суоҕа чөлүгэр түһэриллиитин туһунан сокуон ылыллыбыт.
  • 2007 — Мүрү оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Алина Сторожева ууга өлөн эрэр дьахтары мууһунан сыыллан киирэн быыһаабыта.
  • 2012 — Греция Олимпия куората Дьокуускай куорат доҕордуу куората буолар.
  • 2019 — Любовь Борисова туруорбут «Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт» диэн аар-саарга аатырбыт сахалыы уус-уран киинэтэ аан бастаан көстүбүт.

Төрөөбүттэр:

Өлбүттэр:

  • 1794 — Антуан Лавуазье (1743 төр.), Франция учуонайа, аныгы химияны олохтооччу.
  • 1873 — Дьон Стюарт Милл, Британия, бөлүһүөк.
  • 1903 — Поль Гоген (1848 төр.), французскай живописец, постимпрессионизм биир сүрүн бэрэстэбиитэлэ.
  • 1932 — литэрэтиирэ кириитигин, «Саха омук» уонна «Саха кэскилэ» уопсастыбалар чилиэннэрэ буола сылдьыбыт Бороҕон улууһун II Лөгөйүттэн төрүттээх Василий Леонтьевы Иркутскай куоракка 37 сааһыгар ытан өлөрбүттэрэ (1895 төр.).

This post was published on 08.05.2021 09:04 09:04