Ыам ыйын 7 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 127-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 128-c күнэ). Арассыыйаҕа Араадьыйа күнэ. Саха сиригэр 1924 сыллаахха дьиэттэн хотону араарыы бэлиитикэтэ киирэр.
Ыам ыйын 7 күнэ (былыргынан муус устар 25) 1895 сыллаахха Россия физига А. С. Попов физика-химия нуучча уопсастыбатын мунньаҕар «прибор, предназначенный для показывания быстрых колебаний в атмосферном электричестве» прибору көрдөрбүтэ. Лекцияҕа туттуллар диэн характеристикалааҕа. 1895 сайыныгар тэрили салгыҥҥа электрическай разрядтары регистрациялааһыҥҥа сөп түбэһэр диэн буолбуттара уонна «грозоотметчик» диэн ааттаабыттара.
1925 году ССРС-ка аан бастаан араадьыйа айыллыбыта 30 сыла диэн бэлиэтээбиттэрэ. Попов, Маркони ааттара күүскэ этиллибиттэрэ.
1945 сыл ыам ыйыгар ССРС Совнаркома араадьыйа 50 сылын бэлиэтиир туһунан уураах таһаарбыта. Оттон 1980 сыллаахха ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун ыйааҕынан, бу даата «Араадьыйа күнэ, сибээс эйгэтин үлэһиттэрин бырааһынньыга» диэн ааттаммыта.
🔹1744 — Елизавета Петровна ыраахтааҕы суутунан өлөрүүнү тохтоппут.
🔹1883 — үс өҥнөөх (маҥан, халлаан күөх, кыһыл) былаах Арассыыйа импиэрийэтин официальнай былааҕынан буолбут.
🔹1895 — Петербуурга электротехник Александр Попов араадьыйа прототиибин көрдөрбүт.
🔹1924 — Хотону дьиэттэн араарарга ыҥырар «Ыраас олох» уопсастыба тэриллэр.
🔹1934 — Биро-Биджан национальнай оройуона Дьэбириэй автономиялаах уобалаһа диэн ааттаммыта. Манна, Кытай кыраныыссатыгар, сэбиэскэй былаас дьэбириэйдэри хомуйан олохсутар санаалааҕа.
🔹1971 — Лиэнскэй Нөөрүктээйититтэн төрүттээх ойуур үлэһитэ Кирилл Попов Социалистыы Үлэ дьоруойа буолбут. Сэрии кэмигэр разведкаҕа отделение хамандыырынан сулууспалаабыт киһи. Оҕото ахтарынан, сэрии туһунан наһаа хараастан кэпсиирэ, сэриилээх киинэлэри отой сөбүлээбэтэ үһү. Кулаактаммыт аҕатын туһунан ыйбатаҕын иһин 60-с сылларга баартыйатыттан уһуллубут, дуоһунаһыттан ууратыллыбыт түгэннээх эбит.
Төрөөбүттэр:
🔸1874 — Боотуруус Чөркөөҕөр Иван Попов (1945 өлб.) — Саха АССР норуодунай худуоһунньуга, саха бастакы идэтийбит живописеһа.
🔸1907 — Владимир Андреев — РСФСР уонна Саха АССР наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, биология дуоктара, профессор (өлб. 1987).
🔸1947 — эбээн тылын учуобунньуктарын ааптара СӨ үтүөлээх учуутала Александра Кейметинова төрөөбүт. Суруйбут кинигэлэрин Магадаан, Камчаатка, Хабаровскай кыраай уонна Чукотка оскуолаларыгар туһаналлар.
Өлбүттэр:
🔹Б. э. инн. 399 сыл — Сократ (б. э. инн. 469 с. төр.), Былыргы Греция бөлүһүөгэ.
https://sah.wikipedia.org/wiki/Дьэбириэй_автономиялаах_уобалаһа
https://sah.wikipedia.org/wiki/Попов_Кирилл_Егорович
https://sah.wikipedia.org/wiki/Попов_Иван_Васильевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Чөркөөх_(Таатта_улууһа)
This post was published on 07.05.2020 09:02 09:02