Астма ыарыыны кытта охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ. Ыам ыйын бастакы оптуорунньугар сылын аайы ыытыллар. Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) өйүүр. Аан бастаан 1998 сыллаахха 35 дойдуга бэлиэтэммитэ. Сылын аайы кыттааччы дойду ахсаана эбиллэн иһэр. Сүрүн сыала — астма ыарыыны бохсуу, астматиктарга көмө хаачыстыбатын тупсарыы, дьоҥҥо бу ыарыы туһунан иһитиннэрии. «Ыараханнык тыыныы» диэн тылбаастанар ыарыы суолтата билиҥҥи коронавируһунан пандемия кэмигэр өссө сытыырхайда. Ыалдьымаҥ, бэйэҕит уонна чугас дьоҥҥут доруобай буолуҥ.
Бэлиэ күннэр
Замбия — Үлэ күнэ
- Кытай — Ыччат күнэ
- Латвия — Тутулуга суох буолуу сөргүтүллүбүт күнүн бэлиэтииллэр
- Недерланд — Сэриигэ охтубуттары үҥэн — сүктэн ахтыы күнэ
- АХШ, Род-Айленд штаат — Тутулуга суох буолуу күнэ
- Тонга — Нэһилиэнньик принц күнэ
- Япония — Күөх от-мас күнэ
Түбэлтэлэр
- 1838 — Нуучча суруйааччылара Тарас Шевченкоҕа помещиктан көҥүл атыыласпыттар.
- 1923 — «Саха омук» культурнай сырдатар уопсастыба бырабылыанньата М. К. Аммосовка «Саха омук» бочуоттаах чилиэнин аатын иҥэрбит. Төрүөтэ: Саха уобалаһыгар автономияны ыларга дохсуннук уонна сыралаһан охсуспутун иһин.
- 1951 — «Кыым» хаһыакка Саха сиринээҕи баартыйа обкомун пленума Илья Винокуровы ВКП(б) обкуомун бастакы сэкиритээриттэн устубутун туһунан биллэриитэ тахсыбыт.
- 1960 — ССРС-ка харчыны уларытыы туһунан уураах ылыныллыбыт. Ол уурааҕынан саҥа 1961 сылтан саҥа солкуобай олоххо киирбит. «Урукку» 10 солкуобай биир саҥа солкуобайга тэҥнэспит.
- 1990 — Латвия Үрдүкү Сэбиэтэ Латвияны ССРС састаабыгар күүс өттүнэн киллэриини сыыһанан аахпыт уонна Латвия Өрөспүүбүлүкэтин тутулуга суох дойдунан биллэрбит.
Төрөөбүттэр
- 1945 — Мэҥэ Хаҥалас Нуораҕанатыгар үҥкүүһүт, балет артыыһа, педагог Клавдия Иванова. Кини кэргэнэ Алкивиад Иванов — аатырбыт тустуук, хирург, элбэх устудьуону хирургияҕа үөрэппит учуутал этэ.
Өлбүттэр
- 1640 — Фламандия аатырбыт худуоһунньуга Петер Паул Рубенс. Кинини кытта билигин баар 3000-тан тахса хартыынаны ситимнииллэр.
- 1979 — Василий Чемезов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1991 — Василий Петров (1939—1991), филология билимин дуоктара, фольклорист, литературовед.
- 1993 — Кулантай (Василий Протодьяконов) — саха сэбиэскэй суруйааччыта, уопсастыбаннай диэйэтэлэ.
This post was published on 04.05.2021 08:59 08:59