22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ыам ыйын 4 күнэ. Астма ыарыыны бохсуу - Бикипиэдьийэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Астма ыарыыны кытта охсуһуу аан дойдутааҕы күнэ. Ыам ыйын бастакы оптуорунньугар сылын аайы ыытыллар. Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) өйүүр. Аан бастаан 1998 сыллаахха 35 дойдуга бэлиэтэммитэ. Сылын аайы кыттааччы дойду ахсаана эбиллэн иһэр. Сүрүн сыала — астма ыарыыны бохсуу, астматиктарга көмө хаачыстыбатын тупсарыы, дьоҥҥо бу ыарыы туһунан иһитиннэрии. «Ыараханнык тыыныы» диэн тылбаастанар ыарыы суолтата билиҥҥи коронавируһунан пандемия кэмигэр өссө сытыырхайда. Ыалдьымаҥ, бэйэҕит уонна чугас дьоҥҥут доруобай буолуҥ.


Бэлиэ күннэр

 Замбия — Үлэ күнэ

Түбэлтэлэр

  • 1838 — Нуучча суруйааччылара Тарас Шевченкоҕа помещиктан көҥүл атыыласпыттар.
  • 1923 — «Саха омук» культурнай сырдатар уопсастыба бырабылыанньата М. К. Аммосовка «Саха омук» бочуоттаах чилиэнин аатын иҥэрбит. Төрүөтэ: Саха уобалаһыгар автономияны ыларга дохсуннук уонна сыралаһан охсуспутун иһин.
  • 1951 — «Кыым» хаһыакка Саха сиринээҕи баартыйа обкомун пленума Илья Винокуровы ВКП(б) обкуомун бастакы сэкиритээриттэн устубутун туһунан биллэриитэ тахсыбыт.
  • 1960 — ССРС-ка харчыны уларытыы туһунан уураах ылыныллыбыт. Ол уурааҕынан саҥа 1961 сылтан саҥа солкуобай олоххо киирбит. «Урукку» 10 солкуобай биир саҥа солкуобайга тэҥнэспит.
  • 1990 — Латвия Үрдүкү Сэбиэтэ Латвияны ССРС састаабыгар күүс өттүнэн киллэриини сыыһанан аахпыт уонна Латвия Өрөспүүбүлүкэтин тутулуга суох дойдунан биллэрбит.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА