Хой♈️
Буола турар түгэни ыксатыма, бэйэҥ эмиэ туохха да ыксаама, ыксаан дьону эрэ күллэриэҥ
Оҕус ♉️
Туох эмит саҥаны билэргэ, оҥорорго, саҥа билиини, үөрэҕи ыларга табыгастаах күн
Игирэлэр ♊️
Аймах дьоҥҥун кытары алтыһарга тоҕоостоох кэм, уруккуну ахтан ылыаххыт, саҥа кэскили түстүөххүт
Рак ♋️
Бу киэһэ олус интэриэһинэй, умсулҕаннаах кэпсэтии эйигин күүтэр
Хахай ♌️
Арай кыһыны ахтан ылыаҥ, ол да буоллар буола турар түгэҥҥэ үөрүөх тустааххын, барыта этэҥҥэ
Кыыс ♍️
Санаалыын чэпчииргэ, дууһалыын ырааһырарга анаммыт күн, психолог сеансыгар сырыт эбэтэр бэйэҥ медитациялаан ыл
Ыйааһын ♎️
Таптыыр доҕоргуттан элбэх үчүгэй тылы истиэҥ
Скорпион ♏
Саҥа билсиһии, саҥа көрсүһүү бүгүн эйигин күүтэр
Охчут ♐️
Ким эрэ эйигин туохха эрэ уорбалыыр, эн тускунан хобу-сиби тарҕата сылдьарын истиэҥ
Чубуку ♑️
Мээнэ элбэх туһата суохха үлүһүйүмэ, болҕомтолоохтук биир дьыаланан дьарыктанар — табыгастаах суол
Күрүлгэн ♒
Киһиэхэ кыра даҕаны наада, саатар биир дьол кыра кыыма тыктаҕына эйиэхэ улахан ситиһии кэриэтэ
Балыктар ♓️
Олус элбэҕи бу күн саҥарар соччо наадата суох, бэйэҥ бэйэҕэр олорон санааҕын сааһылан, толкуйдан.
Аһаҕас источниктан.
This post was published on 29.05.2024 09:01 09:01