Бикипиэдьийэ ыам ыйын 29 күнүнээҕи бэлиэ күннэри суруйарынан, Арассыыйаҕа Байыаннай суоппар (2000) уонна Таможня бэтэрээннэрин күнэ (1999)[2]. Маны сэргэ ХНТ эйэлээх күүстэрин күнэ, Гастроэнтеролог быраастар Ас буһарар куолаҕай чэгиэн туругун күнүн бэлиэтииллэр, Аргентина — Сатыы сэрии күнэ (1810), Доминика Өрөспүүбүлүкэтэ — Ийэ күнэ, Индонезия — Кырдьаҕас дьон күнэ, Кыргыстаан — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ (1994)[1], АХШ — Висконсин күнэ (1848), Род-Айленд АХШ-ка киирбит күнэ, Турция — Стамбулу ылыы күнэ (1453)[3], Швеция — Бэтэрээннэр күннэрэ.
Түбэлтэлэр
- 1233 — монгуол сэриитэ кытай Цзинь саарыстыбатын киин куоратын ылбыт.
- 1453 — Константинополь сууллуута: Султан Мехмед II салалталаах осмаан сэриилэрэ Константинополь куоратын 53 күннээх төгүрүктээһин кэнниттэн ылбыттар. Түмүгэр Византия, о.э. Илин Рим импиэрийэтэ урусхалламмыт, онтон бу куорат Осмаан импиэрийэтин киинэ буолбут, Истанбул диэн ааттаммыт.
- 1719 сыллаахха Сенат уурааҕынан Сибиир күбүөрүнэтэ үс провинцияҕа арахсыбыта. Саха сирэ уезд диэн ааттанан Тобольскай провинциятыгар киирбитэ. Онтон биэс сылынан араарыллан, Иркутскай провинциятыгар киирэр буолар.
- 1867 — Австрия импиэрийэтин иһигэр Венгрия киэҥ аптаныамыйаны ылар. Мантан ыла бу импиэрийэ Австро-Венгрия диэн ааттанар.
- 1860 — атыыһыт, мэссэнээт уонна кэллиэксийэлээччи Павел Третьяков мунньубут хартыыналарын Москуба куоракка кэриэс хаалларарын туһунан суруйбут. Ону таһынан 8186 солкуобайы дьадаҥы кыргыттар үтүө дьоҥҥо сүктэллэригэр туһанарга анаабыт.
- 1867 — Арассыыйаҕа мөрөбүөй суут баар буолбут.
- 1886 — Кока-кола бастакы эрэкэлээмэтэ хаһыакка тахсыбыт.
- 1903 — Петербурга Неваны туоруур Троицкай муоста (сэбиэскэй кэмҥэ Кировскай) аһыллыбыт.
- 1919 — Күн өлүүтүн кэтээн көрөннөр Альберт Эйнштейн айбыт относительность түөрүйэтин бигэргэппиттэр.
- 1923 — ССРС-ка Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый Сойуустара тэриллибит.
- 1942 — Харьков таһыгар сэбиэскэй сэриилэр хотторбут күннэрэ. Кыһыл аармыйа 270 тыһыынча киһи сүтүктэммитэ (онтон 171 тыһыынчата төннүбэт сүтүк). Бу түмүгэр ньиэмэстэр Хапхааска уонна Волгаҕа чугаһыыр кыахтаммыттара.
- 1947 — Ииндийэҕэ «тыытыллыбаттар» каасталарын боппуттар.
- 1953 — Саҥа Зеландияттан төрүттээх альпинист Эдмунд Хиллари (Edmund Hillary) уонна Непал олохтооҕо шерпа Тенцинг Норгей (Tenzing Norgay) Джомолунгма (Эверест) чыпчаалыгар тахсыбыт дьонтон бастакы буолбуттар.
- 1964 — Палестинаны босхолуур тэрилтэ олохтоммут.
- 1969 — Өлүөхүмэҕэ Кыыллаах Арыыттан халаан кэмигэр дьону таһаара сылдьыбыт Ми-2 бөртөлүөт лүөччүктэр буруйдарынан саахалламмыт, 25 киһи өлбүт. Лүөччүктэр иккиэн тыыннаах хаалбыттар. Экипаж хамандыыра силиэстийэ кэмигэр суукка тиийбэккэ эрэ биллибэт төрүөттэн өлбүт, иккиһин (штурманы) сууттаан ытарга уурбуттар, ол эрээри кэлин 8 сыл хаайыынан солбуйбуттар.
- 1975 — Белоруссия собуотугар ССРС-ка саамай улахан таһаҕас тиэйэр оҥоһуллан тахсар буолбут (БелАЗ—7520).
- 1985 — Аҥаар атаҕа быһыллыбыт(ампутацияламмыт) спортсмен Стив Фоньо (Steve Fonyo) Канааданы барытын ааһар 7924 килэмиэтирдээх марафону 14 ыйынан ситиһиилээхтик түмүктээбит.
- 1988 — АХШ бэрэсидьиэнэ Рональд Рейган ССРС-ка ыалдьыттыы кэлбит.
- 1990 — Оппозиционер дьокутаат Борис Ельцин РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлинэн талыллыбыт.
Төрөөбүттэр
- 1917 — АХШ бэрисидьиэнэ Джон Кеннеди. Кини салайар кэмигэр ССРС баһылыга Никита Хрущев Америкаҕа ыалдьыттаабыта, Кариб кириисиһэ диэн ааттаммыт түбэлтэ түмүгэр аан дойду сэриитэ буола сыспыта.
- 1932 — Иван Бубякин — саха биллиилээх мелодиһа.
- 1981 — путбуоллааччы Андрей Аршавин.
Өлбүттэр
- 1979 — Саҥата суох киинэ аатырбыт артыыһа Мэри Пикфорд (1892 с.т.).
This post was published on 29.05.2021 09:01 09:01