Ыам ыйын 26 күнэ — Арассыыйа урбаанньытын күнэ. РФ Президенэ Владимир Путин ыйааҕынан 2007 сыллаахтан бэлиэтэнэр. Олоҕу-дьаһаҕы тутууга, олохтоох оҥорон таһаарыыга анаммыт сокуон урбаанньыттар
талан ылбыт хайысхаларынан сайдалларыгар кыаҕы үөскэппитэ. Билигин коронавирус пандемиятын кэмигэр кириисискэ киирбит урбаанньыттары өйүүр миэрэлэр ылыллаллар. Саха сирэ биир бастакынан элбэх дьайыылаах докумуону ылыммыта.
🔹1650 — Ерофей Хабаров кыһыҥҥы бохуоттан Дьокуускайга төннөн кэлбит. Даур кинээстэрэ Лавкай уонна Богдой тустарынан сибидиэнньэлэри аҕалбыт. Санаттахха сахалар Зея уонна Бурея өрүстэргэ олохтоох даурдары кытта эргинэллэрэ эбитэ үһү. Кэлин даурдар Поярков уонна Хабаров салалталаах этэрээттэр хаҕыс сыһыаннарын тулуйбакка Даурияттан көһөн Кытайга баран биэрбиттэрэ. Холобур, Гуйдар диэн кинээс сэлиэнньэтин ылалларыгар хаһаактар 661 дауру өлөрбүттэрэ (онтон 427 кыргыһыы кэмигэр), 243 дьахтары уонна 118 оҕону билиэн ылбыттара.
🔹1745 сыл ыам ыйын 19 күнүттэн 1747 сыл ыам ыйын 26 күнүгэр дылы Саха сирин бойобуодатынан ананан Федот Аммосов сулууспалаабыт.
🔹1894 — Арассыыйа бүтэһик ыраахтааҕыта Николай II бүрүстүөлгэ олорбут.
🔹1908 — Чугас Илиҥҥэ (Ближний Восток) бастакы бөдөҥ коммерческэй ньиэптээх сир Персияҕа (билигин Ираан) көстүбүт.
🔹1918 — Закавказье Федерацията үс тутулуга суох өрөспүүбүлүкэҕэ хайдыбыт: Грузия, Армения уонна Азербайджан.
🔹1922 — Саха сиринээҕи Губбюро Исидор Барахов национальнай бэлиитикэ туһунан тезистэрин ылыммыт.
🔹1953 — Норильскайга ГУЛаг хаайыылаахтарын бастаанньата саҕаламмыт. ГУЛаг устуоруйатыгар саамай бөдөҥ уонна уһун кэмнээх бастаанньа. Сүрүн төрүөтүнэн Сталин өлбүтүгэр холуобунай буруйу оҥорбуттары эрэ амнистиялаабыттара буолбут, Горлаг диэн ааттанар Норильскай лааҕырдарыгар элбэх бэлиитикэ ыстатыйанын олорооччулар бааллар эбит. Хам баттааһын кэмигэр 150, сорох дааннайынан 200 киһи өлбүтэ.
🔹1972 — ССРС уонна АХШ баллистическай ракетаттан хаххалыыр сэрии сэбин (ПРО) хааччахтыыр туһунан дуогабар түһэрсэллэр.
Төрөөбүттэр:
🔸1900 — Николай Цытович, учуонай, геомеханик, инженер геолог, ССРС НА чилиэнэ-корреспондена. 1947—1953 сыллардаахха ССРС НА Саха Сиринээҕи филиалын Бөрөсүүдьүмүн бэрэстээтэлэ.
Өлбүттэр:
🔹2018 — Мэҥэ Хаҥалас Бастакы Мооругуттан төрүттээх Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, сэрии кыттыылааҕа Георгий Апросимов.
https://sah.wikipedia.org/wiki/Мэҥэ-Хаҥалас_улууһа
https://sah.wikipedia.org/wiki/Ыам_ыйын_26
https://sah.wikipedia.org/wiki/Хабаров_Ерофей_Павлович
https://sah.wikipedia.org/wiki/Апросимов_Георгий_Ефимович
https://sah.wikipedia.org/wiki/Аммосов_Федот
https://sah.wikipedia.org/wiki/Ираан
https://sah.wikipedia.org/wiki/Барахов_Исидор_Никифорович
https://sah.wikipedia.org/wiki/Цытович_Николай_Александрович
This post was published on 26.05.2020 09:00 09:00