Ыам ыйын 22 күнэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Сайылык күнэ. Саха халандаарынан сайыҥҥы күн ааҕыллар. Кэҕэ этэр. Уһун кыһыны этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэнэр Ньукуолун күнүгэр алаадьы астаан сири-уоту аһаталлар, Айыылартан өҥ дьыл буоларыгар көрдөһөллөр, ыраастаналлар уонна сайылыкка көһөллөр.
Аан дойдуга хамсыыр харамай эгэлгэтин күнэ. ХНТ Генеральнай Ассамблеятын 55-с сиэссийэтигэр Хамсыыр харамай эгэлгэтин Конвенциятын ылыныы кэмигэр биллэриллибитэ (ыам ыйын 22 күнэ 1992 с., Найроби).
🔹1856 — Москубаҕа Третьяковскай галерея тэриллибит.
🔹1862 — Арассыыйа импиэрийэтигэр «Хайа биистэрин бүтэһиктээхтик бас бэриннэрэргэ … Хапхаас сиһин арҕаа өттүгэр Кубаан казаактарын уонна Арассыыйа атын олохтоохторун олохсутар туһунан» балаһыанньа тахсыбыт.
🔹1863 сыллаахха ыам ыйын 22 (эргэ истиилинэн ыам ыйын 10) күнүгэр Дьокуускайы улахан халаан уута ылбыт. Бастаан куорат соҕуруулуу-арҕаа өттө ууга барбыт. Икки хонугунан намыһах сиргэ турар дьиэлэр сарайдарыгар диэри ууга барбыттар, даллар отой көстүбэт буолбуттар.
🔹1927 — Кытайга Синиин куоратын таһыгар 8.3 магнитудалаах улахан сир хамсааһына буолбут. Манна 200 тыһыынчаттан тахса киһи өлбүт, онон аан дойду историятыгар саамай алдьатыылаах сир хамсааһыннарыттан биирдэстэрэ буолар.
🔹1952 — Саха АССР Миниистирдэрин сэбиэтэ «Дальстройга 200 аты уонна 30 тыһыынча табаны атыылыырга» уураах ылбыта.
🔹1960 — «Чиилитээҕи улуу сир хамсааһына» — 9.5 магнитудалаах аан дойду устуоруйатыгар саамай модун күүстээх сир хамсааһына буолбут. Мантан үөскээбит цунами Соҕуруу Америка кытылыттан Чуумпу далай бары муннугар диэри тиийбит.
🔹1982 — Баасктар сирдэригэр Иккис коррика саҕаламмыт — бааск омук тылын өйүүр эстафета. Манна бааск омуктар олохсуйбут сирдэринэн 2 нэдиэлэ тухары тохтоло суох дьон уларытыһа-уларытыһа сүүрэр. Ким да кыайыылаах аатырбат. Бырааһынньык курдук буолар.
🔹1990 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ үс киһиэхэ туттарыллыбыт: суруйааччы Рафаэль Баҕатаайыскайга, композитор Валерий Кацка, бэйиэт Михаил Тимофеевка.
Төрөөбүттэр:
🔸1890 — Эдьигээн улууһун Хатыҥ нэһилиэгэр эбэҥки дьиэ кэргэнигэр 117 сааһыгар диэри олорбут уһун үйэлээх Саха сирин олохтооҕо Варвара Семенникова төрөөбүт.
🔸1906 — билиҥҥиннэн Үөһээ Халымаҕа Нээлэмнэй остуойба аттынааҕы Оттуур Күөл диэн сиргэ Николай Спиридонов — Тэки Одулок (17.03.1938 өлб.) — бастакы дьүкээгир суруйааччыта, учуонайа.
🔸1921 — Үөһээ Бүлүү Оҥхойугар оһуохайдьыт, тойуксут Николай Егоров — Нукутта.
🔸1939 — Өлүөхүмэ Кыыллааҕар Зоя Корнилова — саха бэлиитигэ, СӨ Госдуумаҕа дьокутаата, Ил Түмэн дьокутаата, экономика билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр:
🔹1885 — француз суруйааччыта Виктор Гюго.
https://sah.wikipedia.org/wiki/Спиридонов_Николай_Иванович_(Тэки_Одулок)
https://sah.wikipedia.org/wiki/Ыам_ыйын_22
This post was published on 22.05.2020 09:01 09:01