Ыам ыйын 21 күнэ — аан дойдуга Култуура эгэлгэтин күнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ырыа Күнэ. 2013 сылтан бэттэх мелодист Алексей Калининскай-Луҥха көҕүлээһининэн киэҥник бэлиэтэнэр. Бикипиэдьийэҕэ сиһилии аах.
🔹1712 — Бүөтүр I Арассыыйа киин куоратын Москубаттан Санкт-Петербурга көһөрбүт.
🔹1840 — Британия Империята Саҥа Зеландияны бэйэтин холуонньатынан биллэрбит.
🔹1864 — Арассыыйа Кавказ сэриитэ бүппүтүн биллэрбит. Бу кэннэ элбэх чэркиэс (бэйэлэрин адыыгтар дэнэллэр) дойдуларыттан Осмаан Импиэрийэтигэр көспүттэрэ.
🔹1904 — Парижка ФИФА тэриллибит — Дойдулар ыккардыларынааҕы футбол федерацията.
🔹1943 — Аляскаттан фроҥҥа перегон кэмигэр Томпо улууһугар Сартаҥ өрүс уонна Хучигир үрэх таһыгар хайаҕа (Үөһээ Дьааҥы сиһэ, 1800—2000 м.) А-20-Ж «Бостон» орто бомбардировщик саахалламмыт. Маршрута: Сэйимчээн-Дьокуускай (1200 км). Сөмүлүөт кырадаһыннара уонна өлүктэр 1980 с. сааһыгар эрэ көстүбүттэрэ. Штурман кэлин Тополинай бөһүөлэккэ көмүллүбүтэ. Саахаланныы төрүөтэ: салгыннара тиийбэккэ сөмүлүөт тыраассаттан туора тахсыбыт уонна хайаҕа сааллыбыт. 2005 с. атырдьах ыйыгар «Вечная память» диэн Саха сирин көрдүүр экспедицията хайа тэллэҕэр өйдөбүнньүк туруорбута.
🔹1975 — «Саха хомсомуола» тутар этэрээт Амыр уобалаһыгар БАМ тутуутугар аттаммыт. Хамыһаарынан Покровскайтан төрүттээх Гавриил Адамов барбыт.
🔹2008 — Дьокуускайга култуура эгэлгэтин күнэ киэҥник бэлиэтэммит. Саха тыйаатырыгар үөрүлээх тэрээһин ыытыллыбыт. Бастакы түһүмэҕэ Олоҥхоҕо анаммыт, 4 тыйаатыр олоҥхоттон быһа тардыылары көрдөрбүттэр, иккис түһүмэх Саха сирин устуоруйатыгар анаммыт, манна сахалар, аҕыйах ахсааннаах омуктар, былыргыттан олорор нууччалар култууралара көрдөрүллүбүт. Үһүс түһүмэххэ ЮНЕСКО Саха сиригэр үлэтин көрдөрүү буолбут.
Төрөөбүттэр:
🔸1945 — Булуҥ улууһун Булуҥ нэһилиэгэр Күһүүргэ Зоя Башарина, саха литэрэтиирэтин чинчийээччи, филология билимин дуоктара.
🔸1971 — Андриан Борисов — сахалары омук быһыытынан чинчийэр устуоруйа билимин дуоктара.
Өлбүттэр:
🔹1942 — Александр Габышев, 1934—1938 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бөрөсүүдьүмүн бэрэстээтэлэ, үс сылтан ордук хаайыыга сытан баран хат сууттанан ытыллыбыт.
https://sah.wikipedia.org/wiki/Булуҥ_нэһилиэгэ_(Булуҥ_улууһа)
https://sah.wikipedia.org/wiki/Халыып:Бу_күн:05-21
https://sah.wikipedia.org/wiki/Башарина_Зоя_Константиновна
https://sah.wikipedia.org/wiki/Борисов_Андриан_Афанасьевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Адамов_Гавриил_Николаевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Томпо_(нэһилиэк)
This post was published on 21.05.2020 09:01 09:01