22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ыам ыйын 2 күнэ. XII сайыҥҥы Япониятааҕы Олимпиада көһүүтүн историята - Бикипиэдьийэ

09:08, 02 мая 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Былырыын, коронавирус пандемиятынан сибээстээн, Токиотааҕы Олимпиада быйылгыга көһөрүллүбүтэ. Бу маннык курдук дьаһал 1940 сыл ыам ыйын 2 күнүгэр эмиэ ыллыбыта — Хельсинкига (Финляндия) буолуохтаах XII сайыҥҥы Олимпийскай оонньуулар биллибэт болдьоххо көһөрүллүбүттэрэ. История кэпсииринэн, XII-с оонньуулар  1940 сыл балаҕан ыйын 21 — алтынньы 6 күннэригэр Японияҕа ыытыллыахтаахтара. Ити эрээри 1937 сыллаахха саҕаламмыт дьоппуон — кытай иккис сэриитэ Оонньуулары тохтоппута. Япония аккааһын биллэрбитэ. МОК 1938 сыллаахха Олимпиаданы аны Финляндияҕа көһөрөр, 1940 сыл от ыйын 20 — атырдьах ыйын 4 кһннэригэр буолуохтааҕа. Финнэр күүстээхтик бэлэмнэнэн бараллар. Ити эрээри 1939 сыл балаҕан ыйыгар Аҕа дойду иккис сэриитэ саҕаланар. Көһөрүү туһунан иһитиннэриини МОК президенэ Анри де Байе-Латур оҥорор.


Бэлиэ күннэр

 ХНТТунец балык күнэ. Бу балык элбэх омук аһыгар-үөлүгэр киирэр, ХНТ ааҕарынан сылга 7,7 мөл. тоннаҕа диэри хаптарыллара биллэр.

Түбэлтэлэр

  • 1648 — бу күннэргэ Богдан Хмельницкэй салалталаах Запорожье казаактара Польшаны утары өрө турууну саҕалаабыттар. Бастаан быраабы эрэ туруорсуу курдук саҕаламмыт өрө туруу, элбэх өлөрүү тахсан сиэллэнэн-кутуруктанан барбыта, бааһынайдар өйөөбүттэрэ, онтон казаактарга үчүгэй сыһыаннаах Польша хоруола Владислав өлбүтүн кэннэ отой да уҕарытыллар кыаҕыттан ааспыта. Сайыныгар казаактар Арассыыйаттан көмө көрдүүргэ күһэллибиттэрэ. Ол эрээри 1651 сылга диэри нуучча ыраахтааҕыта хоруй биэрбэтэҕэ.
  • 1866 — Испания уонна Перу ыккардыларыгар Кальяо аттынааҕы кыргыһыы буолбут.
  • 1930 — Горькайдааҕы автомобиль собуота (ГАЗ) тутуута саҕаламмыт. 1932 сыл бастакы күнүгэр үлэҕэ киирбитэ.
  • 1955 — Ииндийэ түмэнэ каастанан баттааһыны бобор туһунан сокуону ылыммыт.
  • 1982 — Фолклендскай сэрии кэмигэр Британия подводнай лодката Аргентина «Генерал Бельграно» крейсерын тимирдибит. 323 моряк өлбүт.
  • 1940 — сэрии буолбутунан XII Олимпиада тохтотуллубут.
  • 1945 — Бүрээт-Монгол АССР-ын Совнаркома ыам ыйын 2 күнүгэр Эбилгэ дацаанын тутар туһунан уураах таһаарбыт. Санаттахха 30-с сыллартан буддизм ССРС-ка бобуулаах этэ.

Төрөөбүттэр

  • 1729 — Померанияҕа ньиэмэс дьиэ кэргэнигэр (аҕата ол саҕана Штеттин куорат күбүрүнээтэрэ, ийэтэ Ольденбургтар династияларыттан төрүттээх) кэлин Арассыыйа импиэрийэтин ыраахтааҕыта Екатерина II буолбут София Фредерика Августа фон Ангальт-Цербст төрөөбүт. Дойдуну 1762—1796 сылларга салайбыта.
  • 1930 — Егор Лаптев (1997 өлб.) — Халыма суруйааччыта.
  • 1938 — Егор Махаров — бөлүһүөпүйэ билимин дуоктара. СГУ бөлүһүөпүйэ кафедратын сэбиэдиссэйэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин НА акадьыамыга.

Өлбүттэр

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА