Хой♈
Бүгүн сулустар эйигин дьыалата суох таах олорума диэн сүбэлииллэр. Дьоһуннаах түбүгү кэнэҕискигэ хаалларбат ордук
Оҕус♉
Бу күн ылсыбыт дьыалаҕар болҕомтолоох буол — ордук дьыала материальнай өттүн кытта ыкса сибээстээх буоллаҕына. Былааннаммыт дьыалалар уустуктук ааһыахтара суоҕа
Игирэлэр♊
Бүгүн тугу барытын ситиһиэх курдуккун, онно эн сымсах, имигэс уонна дьону кытары биир тылы булар дьоҕурдарын олук буолуохтара. Ити барыта күн бастакы аҥарыгар оҥоһуллара ордук
Рак♋
Сулустар этэллэринэн бүгүн үгүс элбэх информация быыһыгар сылдьыаҥ, онтон кырдьыгы-чахчыны сымыйаттан араарар уустуктардаах буолуон сөп. Сыыһа-халты туттан отой улахан куттал үөскүөн сөп
Хахай♌
Бүгүн дьыала чэпчэкитик тахсыа суоҕа, кыра моһоллор эн суолгар баар буолуохтара. Доҕотторгун, наадалаах дьону кытта бодоруһар түгэн баар буоллаҕына куоттарыма, ол эрэн кинилэргэ букатыннаахтык итэҕэйэр наадата суох
Кыыс♍
Былааннаргытын тутуһуҥ, профессиональнай уонна партнерскай эбээһинэстэргитин тутуһуҥ. Онуоха саамай наадалаах быһыыны-майгыны, кыаҕы быһаарар ордук, атын дьыалалары кэнникигэ көһөрөр туһааннаах
Ыйааһын♎
Сорох түмүктэри оҥорорго иһитиннэрии ымпыгын- чымпыгын толкуйдуурга бириэмэ наада. Дьоһуннаах суруктарга хайаан да иһитиннэриилэри ыытыы күн саҕаланыыта оҥорор ордук. Киэһэ сибээһи эрэ буолбакка, сэргэх сонуну эмиэ киллэриэххэ наада
Скорпион♏
Дуогабары түһэрсии уонна уһун болдьохтоох контрактары баттаһар наадата суох. Билиҥҥи дьыалаҕа сымсах уонна дьону кытары биир тылы булар туһалаах
Охчут♐
Ханнык баҕарар кэпсэтиигэ сэрэхтээх буолуҥ. Барытыгар уонна барыларыгар итэҕэйэр күн буолбатах. Хардарыта сөбүлэһии да иһин, аһаҕас принципиальнай быһаарыылар баар буолуохтарын сөп
Чубуку♑
Билиҥҥи дьыалаҕа моһол үрдүк бадахтаах буоларын өйдүөххэ наада. Биир хайысхаҕа сымса атыттарга ыһыллан хаалыан эмиэ сөп. Көмөлөһөөччүлэри, саҥа үлэ миэстэтин таларга табыгаһа суох күн
Күрүлгэн♒
Ханнык да дьаһаллары уларыта сорунумаҥ. Ол эрээри үөрүүнү аҕалар дьарыгы оҥорорго туох да мэһэйдээбэт
Балыктар♓
Эһиэхэ бүгүҥҥү күн саамай таһаарыылаах буолбатах. Бүгүҥҥү күҥҥэ элбэҕи былааннаныма.
Аһаҕас источниктан
This post was published on 17.05.2024 09:02 09:02