Ыам ыйын 16 күнэ. Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, Эйэлээхтик ыаллаһан олоруу күнэ

Ыам ыйын 16 күнэ — Эйэлээхтик ыаллаһан олоруу күнэ. «Бу күн дьон уратылаахтарын билиниигэ, сатаан истэр, өйдөһөр, ытыктаһар уонна атыттары сыаналыыр буолууга, ону таһынан эйэлээхтик, сомоҕолоһон олорууга болҕомто тардар соруктаах«, — диэн кэпсиир Бикипиэдьийэ дьаһабыла Николай Павлов — Халан.


🔹1619 — Пекинтэн Томскайга биир сыл буолан баран 11 киһилээх нуучча мииссийэтэ төннөн кэлбит, бу мииссийэ салайааччыта Кытайга бастакы нуучча посола — сибиир хаһаага Иван Петлин этэ.

🔹1815 — Венатааҕы кэҥгириэс быһаарыытынан Варшаватааҕы герцогство улахан аҥаара Арассыыйа импиэрийэтигэр Царство Польское аатынан сыһыарыллыбыта. Герцогство сорҕото Пруссияҕа, сорҕото Австрияҕа барбыта.

🔹1858 — Кытайы кытта Айгуннааҕы сөбүлэҥҥэ илии баттаммыт. Ол дуогабарынан Амыр кыраайа Арассыыйа импиэрийэтигэр сыһыарыллыбыт.

🔹1929 — «Оскар» бириэмийэтин бастакы церемонията буолбут.

🔹1966 — Кытай компартиятын Киин кэмитиэтин Политбюротун мунньаҕар Кытайга «култуура өрөбөлүүссүйэтэ» саҕаламмыт. 1966-1976 сылларга контрреволюцияны утарар туһугар элбэх буруйа суох киһи репрессияҕа түбэспитэ, былыргы үйэлэртэн хаалбыт култуура пааматынньыктара, кинигэлэр, храмнар урусхалламмыттара.

🔹1969 сыллаахха «Венера-5» диэн советскай космическай аппарат Чолбоҥҥо тиийбит.

🔹1975 — Дьоппуон альпинистката Дзюнко Табэи аан дойдуга саамай үрдүк Джомолунгма хайатын чыпчаалыгар дьахталлартан бастакынан тахсыбыт.

🔹1990 — РСФСР норуотун дьокутааттарын I Сийиэһэ саҕаламмыт.

🔹2012 — Монте-Карлотааҕы 7-с аһымал киинэ фестивалыгар Никита Аржаков «Снайпер саха» үлэтин иһин «Бастыҥ режиссер» диэн ааты ылбыта.

Төрөөбүттэр:

🔸1957 — Магадаан Ягодное бөһүөлэгэр Юрий Шевчук төрөөбүт, ырыаһыт, музыкант, бэйиэт, композитор уонна продюсер, DDT бөлөх салайааччыта. Аҕата хаһаахтартан төрүттээх (эһэтин ыраахтааҕыга сулууспалаабыт диэн 1937 сыллаахха ытан өлөрбүттэр), ийэтэ татаар (репрессияламмыт мулла сиэнэ).

🔸1966 — Майаҕа Нерюнгритааҕы актер уонна куукула тыйаатырын артыыһа Саргылаана Адамова.

Өлбүттэр:

🔹2010 — Элгээйиттэн төрүттээх композитор Аркадий Самойлов өлбүт (1948 төр.), Арассыыйа композитордарын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.

🔹2013 — Ньурба Хордоҕойугар (билигин Ньурбачаан) төрөөбүт Сиэн Чолбодук — суруйааччы, драматург, тылбаасчыт. Саха норуотун уоһуттан түспэккэ ылланар өлбөт үйэлээх «Ньургуһуннар» ырыа ааптара.

https://sah.wikipedia.org/wiki/Дмитриев_Иннокентий_Аксентьевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Ыам_ыйын_16

https://sah.wikipedia.org/wiki/Сахафильм_(тэрилтэ)

https://sah.wikipedia.org/wiki/Аржаков_Никита_Иннокентьевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Адамова_Саргылаана_Саввична

https://sah.wikipedia.org/wiki/Самойлов_Аркадий_Васильевич

This post was published on 16.05.2020 08:50 08:50