Арассыыйаҕа экология үөрэҕин күнэ.
1945 сыллаахха Новосибирскайга Опера уонна балет тыйаатыра аһыллыбыт.
1991 сыллаахха Михаил Горбачев уонна Борис Ельцин саҥа Союзнай дуогабары түһэрсэр туһунан сөбүлэспиттэр.
Бу күн уустук дьылҕалаах бэйиэт Василий Саввин, 10 сыл Красноярскай кыраай Эбэҥки уокуругар олорон сахаларга учууталлаабыт учуонай Владимир Егоров Ньурба оройуонун Кукаакы нэһилиэгэр төрөөбүт.
- Сиэстэрэ аан дойдутааҕы күнэ. 1965 сылтан бэлиэтэнэр. 1974 сыллаахтан аан дойдуга ыарыһахтары уонна бааһырбыттары көрүүнү-харайыыны төрдүттэн уларыппыт Британия уопсатыбаннай диэйэтэлэ Флоренс Найтингейл төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр буолбута.
- Экология үөрэҕин күнэ.
- Грузия — Андрей Первозваннай күнэ.
- Серб Өрөспүүбүлүкэтэ — Серб Өрөспүүбүлүкэтин аармыйатын күнэ.
- Финляндия — Снелльман күнэ.
- Арассыыйа — Экология үөрэҕин күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 1570 — Москуба саарыстыбатыгар Уордаах Уйбаан ыйааҕынан Доннааҕы казачество үөскээбит.
- 1797 — Венеция салалтата генерал Бонапарт ультиматумун ыларга күһэллибит — Венеция өрөспүүбүлүкэтэ суох буолбут.
- 1924 — Ньылхан сэлиэнньэтин (1922 сыллаахха Айааны уонна киниэхэ сыһыаннаах Ньылханы Уһук Илин уобалаһыгар биэрбиттэрэ) 32 киһилээх тоҥустар бартыһаан этэрээттэрэ ылар. Этэрээт салайааччылара — тоҥус Павел Карамзин уонна саха Михаил Артемьев. Бу күн Ньылхан олохтоохторо уонна этэрээт дьоно мунньахтаан баран быһаарыы ылаллар: «Тоҥустары Сэбиэскэй былаастан босхолуурга уонна бэйэни салайыныыга олохсуйан саҥа олоҕу тутуу».
- 1926 — Польшаҕа переворот буолбут, Польша урукку Начальнига (1918-22 сс. дойду баһылыга), кэлин аармыйа генштабын салайааччыта, маршал Юзеф Пилсудскай былааска төттөрү кэлбит, авторитарнай режими олохтообут.
- 1944 — Сэбиэскэй сэриилэр Кырыымы ньиэмэстэртэн босхолообуттар.
- 1945 — Новосибирскайга Опера уонна балет тыйаатыра аһыллыбыт.
- 1974 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ Мэҥэ I Тыыллыма нэһилиэгиттэн төрүттээх ырыаһыт, РСФСР норуодунай артыыһыгар Ая Яковлеваҕа уонна Амма Аччыгыйын айар үлэтин чинчийиитин иһин Үөһээ Бүлүү Сургулуугуттан учуонай Гавриил Боескоровка анаммыт.
- 1976 — Москубаҕа Хельсинки бөлөҕө үөскээбит. 1975 сыл от ыйын 30 — атырдьах ыйын 1 күннэригэр илии баттаммыт Европа куттала суох буолуутун Түмүк Аага диэн докумуон олоххо кииритин туруорсарга анаан төрүттэммитэ. Бу быраабы көмүскүүр уопсастыбаннай тэрилтэ билигин да баар.
- 1977 — «Якуталмаз» Холбоһук генеральнай дириэктэригэр Лев Солдатовка (19.12.1918—30.11.1997) Социалистыы Үлэ Дьоруойа ытык аат иҥэриллибит.
- 1991 — Михаил Горбачёв уонна Борис Ельцин саҥа Союзнай дуогабары түһэрсэр туһунан сөбүлэспиттэр.
- 1997 — Москубаҕа Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Ичкерия бэрэсидьиэнэ Аслан Масхадовы кытта эйэ уонна сыһыаннаһыы тосхоллорун туһунан дуогабар түһэрсибит.
- 1997 — Анаабырга Тэрпэй Тумус эркээйи сир тэриллибитэ.
- 2005 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын № 270 уурааҕынан Өрөспүүбүлүкэ мэҥэлэрин испииһэгэ бигэргэммит. Онно 187 эбийиэк киирбит: мэҥэлэр — 83, куорат скульптууралара — 28, устуоруйа уонна архитектура мэҥэ дьиэлэрэ — 76.
- 2006 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ «Олоҥхо уон сылын бэлэмниир уонна уонна ыытар туһунан» дьаһал таһаарбыт.
Төрөөбүттэр:
- 1925 — Уус Алдаҥҥа сэрии кэмигэр хоргуйууну чинчийбит кыраайы үөрэтээччи Николай Орлов Бороҕон улууһун Хоро нэһилиэгэр төрөөбүт.
- 1933 — Мэҥэ-Хаҥалас Доллу нэһилиэгэр тыйаатыр устуоруйатын чинчийбит Дмитрий Максимов (01.10.1995 өлб.) — искусствоведение хандьыдаата.
- 1938 сыллаахха Уус-Алдан улууһугар Чэриктэй нэһилиэгэр уустук дьылҕалаах бэйиэт Василий Саввин.
- 1950 — 10 сыл Красноярскай кыраай Эбэҥки уокуругар олорон сахаларга учууталлаабыт учуонай Владимир Егоров Ньурба оройуонун Кукаакы нэһилиэгэр төрөөбүт.
- 1987 — Виктория Дайнеко, ырыаһыт уонна артыыс.
Өлбүттэр:
- 1935 — сөргүтүллүбүт Польша бастакы баһылыга Юзеф Пилсудскай. Бу киһи соратнигынан сахалары чинчийбит учуонай Вацлав Серошевскай буола сылдьыбыта.
- 1942 — Николай Бубякин, ил уонна баартыйа диэйэтэлэ, 1929—1929 сыллардаахха Саха АССР Совнаркомун бэрэстээтэлэ.
- 1943 — Төлөйтөн төрүттээх байыаннай топограф Петр Захаров бааһыран госпитальга өлбүт. Кэргэнигэр нууччалыы суруйбут суругар цензура сахалыы сурукпун аһарбат быһыылаах, ирдэһэн бул диэбит.
This post was published on 12.05.2021 09:01 09:01