1931 сыллаахха эбэҥкилэр олорор сирдэригэр хас да оройуон тэриллибит уонна Чукотка национальнай уокуруктан Саха АССР састаабар Арҕаа Туундара сирэ киирбит, Аллараа Халыма оройуона диэн ааттаммыт.
1939 сыллаахха Халыма-Индигир пароходствота үөскээбит.
Кыргыстааҥҥа бүгүн баан үлэһитин күнэ. 1993 сыллаахха дойду бэйэтэ туспа харчыламмыт.
Бу күн Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, иккис аан дойду сэриитигэр аатырбыт Зеелов үрдэллэрин ылыыга аата-суола сураҕырбыт Николай Чусовской, «Кыым» фотокорреспондена, сэрии кыттыылааҕа Еремей Порядин, Саха АССР үтүөлээх артыыһа Татьяна Мыреева, «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыа ааптара Петр Одорусов, о.д.а. төрөөбүттэр.
- Азербайдьан — Сибэкки күнэ
- Германия — Кинигэ күнэ
- Кыргыстаан — Баан үлэһитин күнэ.
- Микронезия — Судаарыстыба биллэриллибит күнэ
- Таиланд — Бурдук ыһааччы күнэ
- Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ — байҕал таҥарата Мацу күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 1503 — Христофор Колумб Кайман арыыларын булбут.
- 1877 — Румыния Осмаан Импиэрийэтиттэн тутулуга суоҕун биллэрбит.
- 1931 — ЯЦИК «О национальных районах и внешних границах Якутской АССР» диэн уурааҕа тахсыбыта. Бу уурааҕынан эбэҥкилэр олорор сирдэригэр хас да оройуон тэриллибитэ уонна Чукотка национальнай уокуруктан Саха АССР састаабар Арҕаа Туундара сирэ киирбитэ, ыам ыйын 20 күнүгэр Аллараа Халыма оройуона диэн ааттаммыта.
- 1939 — Халыма-Индигир пароходствота үөскээбит.
- 1942 — Дьокуускайга Польша посольствотын үбүлээһининэн польскай начальнай оскуола аһыллыбыт. Бу оскуолаҕа депортацияҕа түбэспит поляктар оҕолоро үөрэммиттэр. Бастакы үөрэх сылыгар 86 оҕо үөрэммит. Бу оскуола 1944 сыллаахха от ыйыгар поляктар дьиэлэригэр барбыттарын кэннэ сабыллыбыт.
- 1957 — ССРС-ка саҥа сокуонунан совнархозтар олоххо киирбиттэр, уларытыы соруга — дойду хаһаайыстыбатын салайыы аһара кииннэниитин суох гыныы этэ (децентрализация).
- 1993 — Кыргыстаан бэйэтэ туспа харчыламмыт.
- 1994 — Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтигэр бэрэсидьиэнинэн маҥнайгы олохтоох хара нэһилиэнньэттэн төрүттээх киһи Нельсон Мандела талыллыбыт.
Төрөөбүттэр:
- 1910 — Ньурба Куочай нэһилиэгэр Александровка сэлиэнньэҕэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Николай Чусовской (26.07.1977 өлб.) төрөөбүт. ЯНВШ-ны бүтэрэн баран онно сулууспалаабыт, онтон Омскайдааҕы байыннай училищеҕа үөрэммит. Иккис аан дойду сэриитигэр 1945 сыллаахха аатырбыт Зеелов үрдэллэрин ылыыга аата-суола сураҕырбыта. Майор Чусовской сатабыллаах хамаандалааһынан батальона өрүһү туораан, уулуссаҕа кыргыһыылар түмүктэригэр Зеелов куораты ылбыта.
- 1925 — Бастакы Моорукка «Кыым» фотокорреспондена Еремей Порядин, сэрии кыттыылааҕа.
- 1928 — Бэтинчэҕэ Татьяна Мыреева — Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
- 1931 — Үөһээ Бүлүү Иккис Үөдүгэйигэр «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыа ааптара, мэтэдиис учуутал Пётр Одорусов.
- 1951 — Бороҕоҥҥо Федор Васильев (20.07.1994 өлб.) — сахалар сэриигэ сыһыаннарын чинчийбит устуорук-этнограф, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 1953 — Ааллаах Үүн оройуонун Доҕор бөһүөлэгэр Николай Оконешников (2009 өлб.) — уларыта тутуу саҕана аатыра сылдьыбыт, кэлин Анголаҕа тутууннан дьарыктаммыт саха урбаанньыта.
Өлбүттэр:
- 1849 — Хокусай, Дьоппуон Эдо кэминээҕи уруhуйдьута.
- 1936 — Владимир Богораз (төрүүрүгэр Натан Богораз; 1865 с.т.), этнограф, лингвист уонна суруйааччы.
This post was published on 10.05.2021 09:01 09:01