Ыам ыйыгар сорохторго босуобуйа суох буолар

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Ыам ыйынааҕы уһун өрөбүллэр буолалларынан, босуобуйалары түҥэтии кыраапыга уларыйда диэн Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Ол курдук, Социальнай пуонда биэрэр босуобуйалара ый 3-с чыыһылатыгар кэлэр буоллахтарына, бу сырыыга эрдэ кэлиэхтэрэ — муус устар 30 күнүгэр.

Социальнай пуонда 17-гэр диэри саастаах оҕолор босуобуйаларын, 1,5 сааһыгар диэри оҕону көрөн олорууга, бастакы оҕо 3 сааһын туолуор диэри бэриллэр босуобуйалары, уо.д.а. биэрэр. Бу босуобуйалар муус устар 30 күнүгэр түһүөхтэрэ.

Онон ыам ыйыгар босуобуйа суох буолар, кэлэр босуобуйа бэс ыйын 3 күнүгэр, кыраапык быһыытынан түһэр. Ол эбэтэр, муус устарга босуобуйаны икитэ ылаллар.

Оттон эрэгийиэнтэн кэлэр, ый 10-с чыыһылатыгар түһүөхтээх  социальнай төлөбүрдэр эмиэ эрдэлээн, ыам ыйын 7 күнүгэр түһүөхтэрэ, суруйар Саха сирэ саайт.

Кэлэр нэдиэлэҕэ 2-3 күн эрэ үлэ күнэ баар (өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн хамнастанар тэрилтэлэр үлэһиттэрэ бэнидиэнньиккэ, муус устар 28 күнүгэр өрүүллэр), биэс күн өрүүбүт.

This post was published on 22.04.2025 14:03 14:03