Ыам ыйыгар Саха сиригэр 913 оҕо төрөөбүт: 472 уол уонна 441 кыыс. ЗАГС управлениетыгар төрөппүттэр кырачааннарга ордук элбэхтик хайа ааты биэрбиттэрин, уонна ханнык ааттар сэдэхтэрин кэпсээтилэр. Ыам ыйыгар ордук аатырбыт ааттар уолаттарга Артем, Владимир, Лев, Максим, Александр, Марк, Матвей, кыргыттарга — Ева, София, Алина, Кира, Александра, Полина ааттара буолбуттар.
Сэдэх ааттар ахсааннарыгар уолаттарга: Амор, Елисей, Ефим, Кантемир, Христофор, кыргыттарга — Аврора, Ангела, Афина, Вилиана, Дара, Мая, Милина, Нея, Сарыала, Сырдыкчаана, Фэта, Элона, Юна.
2022 сылга биэс ый иһигэр барыта 4397 оҕо төрөөбүт, кинилэртэн уолаттар – 2284, кыргыттар – 2113.
Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сирэ Уһук Илин уокурукка уонна дойду да үрдүнэн төрөөһүн ахсаанынан инники күөҥҥэ сылдьар. Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһин чахчыларынан, региоҥҥа 996 тыһыынча киһи олорор. Соторутааҕыта өрөспүүбүлүкэ баһылыга Пестряковтар дьиэ кэргэттэригэр «Родительская слава» уордьаны туттарда, быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ мөлүйүөннээх олохтоох оҕо тахсыа диэн эрэнэрин биллэрдэ.
This post was published on 01.06.2022 16:01 16:01