«Ыал» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын 2022 сыл ыам ыйын 1 — 2023 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри ылбыттар (хапытаалы 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри оҥорторбуттар) 30 000 солк биир кэмнээх төлөбүрү ылыыга сайабылыанньа суруйуохтарын сөп. Ол туһунан телеграм-ханаалыгар вице-премьер Ольга Балабкина суруйда.
Хапытаал кээмэйэ биир кэмнээх төлөбүр 30 000 солк-нан кыччыыр.
Өскөтүн хапытаалы эрдэ туттубут буоллаххытына, тобоҕо 30 000 солк кыра буоллаҕына — биир кэмнээх төлөбүр суума хас хаалбытыгар тэҥ буолар.
Сайабылыанньа биэрэр портал e-yakutia.ru, өҥөҕө быһа сигэ: https://e-yakutia.ru/#/shortCard/1400110
Сайабылыанньа биэриигэ киириигэ логин уонна пароль ЕСИА (портал «Госуслуги») туттуллар, «учётная запись» бигэргэтиллибит буолуохтаах.
Сайабылыанньаны көрүү болдьоҕо — 10 үлэ күнэ.
Төлөбүр Россия бааныгар арыллыбыт счеккар түһэр.
«Ыал» ийэ хапытаалыгар элбэх оҕолоох РФ гражданнара түбэһэллэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 5 сылтан кырата суох олорор буолуохтаахтар. Үһүс эбэтэр онтон кэлэр оҕо төрөөбүт эбэтэр иитиигэ ылбыт дааталара — 01.01.2011 кэннэ.
2022 сыллааҕы хапытаал суумата 144 467 солк (индексация учуоттанан).
This post was published on 04.05.2022 11:01 11:01