«Якутуголь» хампаанньа Дьабарыкы Хайаттан таас чох таһар. Сайыҥҥы навигациятын салгыы ыытар.
Сайыҥҥы кэмҥэ чоҕу олох-дьаһах коммунальнай өҥөнү оҥорор тэрилтэлэргэ, киин оройуоттарга уонна хоту улуустарга туһаайан таһар. Үлэ кыраапык быһыытынан барар.
Чохтоох бааржалар Алдан, Бүлүү, Өлүөнэ уонна Дьааҥы өрүстэринэн айанныыллар.
«Хотугу тиэйии-таһыы бырагырааматын толорууга биһиги хампаанньабыт баар кыаҕын туттан үлэлиир. Уматыгы сэргэ сайыҥҥы навигациянан Дьабарыкы Хайаҕа уонна Кангаласка матырыйааллар уонна сапчаастар тириэрдиллэллэр», – диэтэ хампаанньа управляющай директора Сергей Коломников.
This post was published on 26.06.2023 16:33 16:33