“Якутуголь” хампаанньа (“Мечел” Бөлөххө киирэр) “Радуга” оҕо чэбдигирдэр лааҕырын арыйда. Быйыл санаторийга 21 хонуктаах сезон арылынна. Онон саҥа үөрэх дьыла саҕаланыан иннинэ 74 оҕо доруобуйатын чэбдигирдиэҕэ.
Сезон сүрүн тиэмэтинэн айылҕа харыстабыла буолла. “Радугаҕа” араас хайысханан алта куруһуок үлэлиир.
Лааҕыр “Горизонт” санаторий баазатыгар үлэлиир буолан, оҕолорго чэбдигирдэр процедуралары эмиэ оҥороллор.
СИА.