22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Якутуголь" Бүлүү өрүһүн уу хаайар сиригэр 17 тыһыынча быраҥаатта ыамын ыытта

13:01, 24 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Якутуголь» АУо Бүлүү өрүһүн уу хаайар сиригэр 17 тыһ. быраҥаатта ыамын ыыппытын туһунан, СИАҕа тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


««Якутуголь» балык ыамын тулалыыр эйгэни харыстыыр, экологическай быһыыны-майгыны тупсарар сыалтан өрүү ыытар үлэтин биир хайысхата буолар. Биһиги Чернышевскайдааҕы балык собуотун, Росрыболовство Илин-Сибиирдээҕи территориальнай управлениетын кытары кытыгас үлэлээтибит. Бүлүүтээҕи уу хаайар сир Чернышевскайдааҕы балык собуотуттан чугас буолан, балык ыамаларын тыыннаах тиэрдэр дөбөҥ диэн, бу сири таллыбыт», — диир хампаанньа салайар дириэктэрэ Иван Цепков.

«Якутуголь» тулалыыр эйгэни харыстыыр, экологическай быһыыны-майгыны тупсарар сыалтан бүтэһик биэс сылга 420 га туһаныллыбыт сири чөлүгэр түһэрдэ, 90 тыһ. маһы, сэппэрээги олорто.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА