«Якутия» технопарк Оҕо инфекционнай балыыһатыгар инновационнай респираторнай мааскалары туттарда

Бүгүн «Якутия» технопарка дириэктэрин э.т. Петр Габышев Оҕо инфекционнай балыыһатын кылаабынай бырааһын солбуйааччыта Антон Москвинҥа инновационнай респираторнай мааскалары туттарда. Саҥа оҥоһук вируһу утары охсуһар уларытыллар биоактивнай таҥас төрүттээх вкладыштаах. Мааскалар технопарка партнерыттан «EnCata» («ИнКата») хампаанньаттан ылыллыбыттар, СИА иһитиннэрэр.


««ИнКата» хампаанньаны кытта үлэлээбиппит ыраата. Тэриллиэҕиттэн диэххэ сөп. Пандемия биллэриллээтин кытта, мааскаҕа наадыйыы улааппытыгар, 100 комплект ылбыппыт, 4000 уларытан вкладыштаах. Маны медицина тэрилтэлэригэр босхо түҥэтэр сыаллаахпыт. 100 үлэһиккэ 100 күҥҥэ тиийэр», — диэтэ Петр Габышев, диэн инновация пресс-сулууспата суруйар.

Технопаркаҕа эппиттэринэн, биир уларытыллар вкладыш 3-5 хонукка диэри туттуллуон сөп. Таҥаһа бактерияны суох оҥорор уонна вирус киһи организмыгар киирэрин тохтотор.

This post was published on 20.04.2020 16:03 16:03