«Якутия» ледоколу сотору сакаасчыкка тиксэриэхтэрэ

Хаартыска: ЯСИа саайта

«Якутия» ледоколу сотору кэминэн сакаасчыкка тиксэриэхтэрэ, эбийиэк 95% бэлэм буолла,  ол туһунан РФ промышленноска миниистирэ Антон Алиханов эттэ. Иһитиннэрии «Чукотка» атомнай ледоколу ууга таһаарыы тэрээһинигэр этилиннэ.

«Биһиги суудуна тутааччыларбыт Россия ледокольнай флотун сайыннарыылара салҕанан барар. Аан дойдуга саамай бөдөҥ. 2016 сылтан «Балтийскай собуот» стапелиттэн хотугу муора суолларыгар үс саҥа көлүөнэ атомоход тахсан үлэлиир — «Арктика», «Сибирь» уонна «Урал». Кинилэри «Чукотка» ледокол ситэрэр, ууга таҕыста. Уонна кэлэр нэдиэлэлэргэ «Якутия» тахсыытын күүтэбит, 95% бэлэм», — Алихановы ТАСС цитируйдаата.

This post was published on 07.11.2024 15:01 15:01