«Якутия» хампаанньа Хабаровскайтан Кытай Яньтайыгар саҥа чартернай рейс арыйда

Хаартыска: ЯСИА саайта

«Якутия» авиахампаанньа Хабаровскай — Яньтай (КНР) — Хабаровскай маршрутунан саҥа рейс арыйда. Бастакы көтүү от ыйын 13 күнүгэр оҥоһулунна. Ол туһунан тэрилтэ пресс-сулууспата суруйда.

Рейсы «МангоДВ» Хабаровскайдааҕы туристическай хампаанньа сакаастаата. Бэлиэтэнэринэн, Яньтай Шаньдунскай полуостровка баар, Кытай илин чааһыгар.

Чартернай рейстэр балаҕан ыйын 14 күнүгэр диэри субуотаҕа Sukhoi Superjet 100 сөмөлүөтүнэн оҥоһуллуохтара.

This post was published on 15.07.2024 17:07 17:07