Бэс ыйын 13 күнүттэн «Якутия» авиахампаанньа Дьокуускай — Москва, Дьокуускай — Иркутскай уонна төттөрү хайысханан субсидиялаах авиабилиэттэри атыылаан саҕалаата.
Дьокуускай — Москва хайысханан чэпчэтиилээх тариф сыаната 7000 солк., Дьокуускай — Иркутскай хайысханан сыаната 2500 солк. От ыйын 28 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри болдьоххо атыыланар.
Чэпчэтиилээх авиабилиэттэри бу дьон атыылаһыахтарын син:
22- гэр диэри саастаах ыччат (Хатылы);
55-тэн үөһээ саастаах дьахталлар;
60-тан тахса саастаах эр дьон;
хайа баҕарар саастаах, 1-кы бөлөхтөөх инбэлииттэр уонна кинилэри арыаллыыр дьон;
кыра эрдэхтэриттэн 2- с уонна 3-с бөлөхтөөх инбэлииттэр;
инбэлииттэри арыаллыыр дьон;
тустаах докумуоннардаах элбэх оҕолоох ыаллар.
Субсидияламмыт билиэттэр авиакассаларга эрэ атыыланаллар. Маныаха чэпчэтиинэн туһанар быраабы туоһулуур докумуону көрдөрөр булгуччулаах .
This post was published on 13.06.2023 11:05 11:05