23 Сэтинньи 23.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

"Якутия" үбэ ханна барарый? Ил Түмэн куорат аэропордун үлэтин бэрэбиэркэлиир былааннаах

12:23, 22 июня 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Түмэн экономикаҕа, инвестицияҕа уонна промышленнай бэлиитикэҕэ, предпринимательствоҕа, туризмҥа уонна инфраструктура сайдыытыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Виктор Федоров «Якутск» аэропорт үлэтин бэрэбиэркэлиир былааннаах. Чуолаан тарыып бэлиитикэтин, үлэ чааһын уонна «Якутия» авиахампаанньаны кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ сыһыаннарын.


Бэлиэтээн этэр буоллахха, Ил Түмэн ааспыт нэдиэлэҕэ буолбут мунньаҕар аэропорт салайааччыта кыттыбыта. Онно норуот депутата тэрилтэ, аҕыйах пассажирдаах эргииргэ, наһаа элбэх хааччыйар өҥөнү оҥорор үлэһиттээҕигэр, итиэннэ өҥө иһин тарыыптар наһаа үрдүктэригэр тус санаатын эппитэ. Виктор Федоров Москва куоракка «Аэропорт Якутск» бэрэстэбиитэлистибэтэ баара төһө сөптөөҕөр эмиэ ыйытыылааҕын биллэрбитэ.

«Мин маннык түмүктэри аэропорт сыллааҕы отчуотун көрөн баран таһаардым. Сылга 850 тыһыынча пассажиры таһан баран, 1,6 млрд.солк. киллэрбит. Ити кэмҥэ Иркутскай уонна Красноярскай аэропортара ситиччэ дохуоттаахтар, ол эрээри кинилэр өҥөлөрүнэн сылга 1,5 мөлүйүөн киһи туһанар. Ол аата, хас биирдии айанныыр киһиэхэ сыыппараны сыһыары туттахха, өҥө иһин төлөбүр биһиэхэ лаппа үрдүк буолар«, — диир СИА-ҕа Федоров.

Кини этэринэн, бу иһитиннэрии бэс ыйын 20 күнүгэр «Якутия» авиахампаанньа бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүһүү кэмигэр эмиэ бигэргэтиллибит.

«Таһар-тиэйэр өрүт аэропорт өҥөтүн иһин көрдүүр сыаната чахчы үрдүгүн ыйар. Холобур, Иркутскайга, Красноярскайга, Владивостокка көтүү-олоруу иһин төлөбүр икки төгүл кыра дииллэр. Бу маннык хартыынаны хааччыйыы өҥөтүгэр эмиэ көрүөххэ сөбүн этэллэр. Авиахампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ бэйэлэрэ да оҥоруохтарын сөптөөх үлэлэригэр ылсалларын аэропорт көҥүллээбэтин, ол иһигэр бортка аһатыыга эмиэ кыһалҕалар баалларын ыйбыттара«, — диэн парламентарий быһаарар.

Өссө биир боппуруос — авиахампаанньа аэропорт иннигэр иэһэ: «Аэропорт иһитиннэриитинэн, 509 мөл.солк., хампаанньа этэринэн — 407 мөл.солк. Бу сөп түбэһиспэт буолууну, өрүттэр бииргэ үлэлииллэригэр үөскээбит харгыстары быһаарыахха наада«.

Депутат бэлиэтээбитинэн, күһүн, парламент үлэтин саҕалаатаҕына Саха сирин сыанаҕа кэмитиэтигэр аэропорт үлэлиир тарыыбын сыаналыырыгар, атын биир хайысхалаах тэрилтэлэри кытта тэҥнээн көрөрүгэр көрдөһүүлээх ыйытык ыытыа.

«Итини таһынан, үлэлиир чаастарын аҕыйаппыт уонна 16.00 чаас кэннэ эбии хомуур ирдиир «Аэропорты Севера» үлэтин эмиэ билсиэххэ наада. «Якутск» аэропорт өрөбүл күн олох да сынньанар«, — диэн ситэрэн биэрдэ Федоров.

СИА «Аэропорт Якутск» АУо генеральнай дириэктэригэр Николай Местниковка ыйытыылаах тахса сырытта.

«Дьокуускай пуордун атын регионнар портарын кытта, чуолаан, Иркутскай уонна Красноярскай куораттары кытта тэҥниир сөбө суох. Элбэх өрүттэр учуоттамматтар. Холобур, аҥардас хас пассажир айанныырыттан эрэ тарыыптар тутулуктаныахтаахтарын курдук дьүүллүүр сыыһа. Манна аэропорт атын үлэтэ кытта учуоттаныахтаах. Биһиги киллэрэр харчыбыт авиацияны кытта сыһыана суох үлэттэн киирэр дохуоту эмиэ хабар. Биһиги элбэх хайысхалаах үлэни ыытар тэрилтэнэн буолабыт. Аһылыктан саҕалаан массыына тохтуур сирин бэлэмнээһиҥҥэ, араас хааччыйыыга тиийэ өҥөнү оҥоробут«, — диэтэ агентствоҕа Местников.

Кини этэринэн, «Якутск» аэропорт ФАС бэрээдэктиир естественнай монополиятын субъега буолар: «Ол иһин тарыыптар ФАС тэрилтэтинэн бигэргэнэллэр уонна хонтуруолланаллар. Ыытыллар бэрэбиэркэ кэһиини хаһан да булбатаҕа«.

Салайааччы санаатынан, тэрилтэ үлэтин көдьүүһүн түмүгүн араас сылларга экономикатын көрдөрүүтүнэн таһаарыахха сөп. Баар үлэ көрдөрүүтэ «Якутск» аэропорт кэнники сылларга субуруччу сайдыы кэрчигин тутан турарын, өрөспүүбүлүкэ биир барыһы киллэрэр тэрилтэтэ буоларын көрдөрөр: «Хас биирдии киһи ону бэйэтэ көрөн, билсэн итэҕэйэр. Сыллааҕы отчуот барыта аһаҕас туһаныыга баар. Ситэрэн эттэххэ, биһиги тугу үлэлиирбитин барытын аһаҕастык кэпсиибит. Маннык тэрилтэ аҕыйах«.

Москваҕа баар бэрэстэбиитэлистибэ туһунан этэр буоллахха, бу туспа хас да киһилээх тэрилтэ буолбатах, соҕотох сотрудник. Кини федеральнай киини кытта үлэлиир боломуочуйалаах. Порт аэродрома федеральнай бас билиигэ баарынан бу наадалаах быһаарыы. Онтон аэропорт — кини эксплуатана, былаһаакканы туһаныыга ыйытыылары Росавиацияны кытта хайаан да сөбүлэһиннэриэхтээх.

«Бэрэстэбиитэлистибэ баара гражданскай авиация Агентствотын уонна салгын транспорын Федеральнайдааҕы агентствотын кытта суһаллык техническэй уонна үп боппуруостарын быһаарыыга туһалаах. Ол иһигэр 2015 сыллаахха саҕаланан баран күн бүгүнүгэр диэри салҕанар аэродром улахан уларытан тутуута кытта киирсэр.  Маны таһынан, аэропорт үлэтин ыытарга элбэх ахсааннаах көҥүл докумуоннар оҥоһуллаллар, үгүһэ федеральнайдааҕы биэдэмистибэлэринэн бэриллэр. Сылга 10-ча федеральнайдааҕы лицензия уонна сэртипикээт ылыллыахтаах. Онон ити бэрэстэбиитэл Роскомнадзору, Судаарыстыбалар икки ардыларынааҕы авиационнай кэмитиэти, РФ роспотребнадзорун уонна да атыттары кытта үлэлиир«, — диэн быһаарда Местников.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА