«Якутия» авиакомпания таһаҕаһы босхо тиэйиини тохтотору өйөөбөт

Салгын тырааныспарын хас да тэрилтэтэ таһаҕас отделыгар малы-салы босхо тиэйэртэн аккаастаналларын, ону таһынан илии тутуурун хаарчахтыыр туһунан туруорсуулаах этиини Россия тырааныспарга министиэристибэтигэр киллэрдилэр.


«Биһиги бэйэбит пассажирдарбытын ытыктыыбыт. «Якутия» компания таһаҕаһы тиэйии быраабылатын уларытыыга туох да сыһыана суох. Бу туһунан ханна да турууласпатахпыт», — диэн компания пресс-сэкэритээрэ Светлана Сивцева эттэ.

«Якутияҕа» эппиттэринэн, салгын тырааныспарын атын компаниялара таһаҕаһы босхо тиэйиини тохтотуу уонна илии тутуурун хаарчахтааһын туһунан этиилэрин федеральнай киин өйүөн сөп.

Бүгүҥҥү туругунан «Якутия» эконом-кылааска 20 кг + илии тутууругар 5 кг, оттон бизнес-кылааска 40 кг + илии тутууругар 5 кг тиэйиэххэ сөп. Инбэлиит, оҕо кэлээскэлэрэ, хайыһар тэрилэ 6 кг диэри босхо тиэйиллэр. Ону таһынан иккитигэр диэри саастаах оҕолорго 10 кг диэри малы-салы босхо таһар бэрээдэк баар. Норуоттар икки ардыларынааҕы рейстэргэ duty free чэрчитинэн эбии 5 кг диэри таһаҕаһы тиэйэр көҥүллэнэр. Эконом-кылааска 30 кг диэри багааһы тиэйэргэ акциялар ыытыллаллар.

This post was published on 15.08.2016 16:25 16:25