2024 сыл кулун тутар 30 — алтынньы 26 күннэригэр «Якутия» авиахампаанньа көтүүлэрин сайыҥҥы эрэһиимҥэ көһөрөр.
Саҥа рейстар баар буоллулар:
Муус устар 3 күнүттэн Дьокуускайтан Черскэйгэ уонна төттөрү көтүү ахсаана эбиллиэҕэ. ЯК-401/402 рейс нэдиэлэҕэ үстэ оҥоһуллар: сэрэдэ, чэппиэр, субуота;
Муус устар 20 күнүттэн саҥа ЯК-635/636 рейс арыллар, Иркутск — Алматы уонна төттөрү маршрутунан. Субуоталарга түбэһэр, ол эбэтэр: муус устар 20, 27 күннэрэ, алтынньы 12 күнэ. Ыам ыйын 5 — алтынньы 6 күннэрэ, алтынньы 20 күннэригэр рейс баскыһыанньаҕа оҥоһуллар;
Бэс ыйын 5 — балаҕан ыйын 25 күннэригэр сэрэдэ ахсын ЯК-453/454 рейс Дьокуускай — Омскай — Сочи уонна төттөрү.
Расписаниены манна көрүҥ: https://ysia.ru/aviakompaniya-yakutiya-perehodit-na-letnee-raspisanie-poletov/
This post was published on 28.03.2024 10:38 10:38