«Якутия» авиахампаанньа саас - сайын Владивостокка уонна Хабаровскайга рейстарын иһитиннэрдэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

«Якутия» авиахампаанньа түһүмэхтэринэн сайыҥҥы рейстарын расписаниетын таһаарар.

Бу күннэргэ 2024 сыл «Саас — сайын» периодын биллэрдэ.

Рейс ЯК 491/492 Дьокуускай – Владивосток уонна төттөрү бэнидиэнньиккэ, сэрэдэҕэ уонна субуотаҕа, муус устар 1 — алтынньы 26 күннэригэр туруорулунна.

Рейс ЯК 295/296 Дьокуускай – Хабаровскай уонна төттөрү оптуорунньукка, бээтинсэҕэ, муус устар 2 — алтынньы 26 күннэрэ.

This post was published on 14.02.2024 10:32 10:32