“Якутия” авиахампаанньа сааны тиэйии ирдэбиллэрин санатар

Эр дьоҥҥо кэтэһиилээх кэмэ саҕаланна. Булчуттар бултуур сирдэригэр сөмөлүөтүнэн эмиэ тиийэллэр. Маныаха сааны тиэйиигэ ирдэбил баарын умнуо суохтааххыт.

Айанньыт саалаах уонна ботуруоннаах буоллаҕына, регистрацияҕа көтүөн балтараа чаас иннинэ баар буолуохтаах. Кинттэн сааны илдьэ сылдьарыгар көҥүл ирдэнэр. Ону бэрэбиэркэлээн баран, туһааннаах аакка бэлиэтииллэр. Биир экземпляры пассажирга биэрэллэр. Сааны бэрэбиэркэлээһин уонна докумуону толоруу туспа хоско ыытыллар.

“Якутия” салгын суудуналарын бортугар уон сааттан уонна сүүрбэ биэс киилэттэн аһары боеприпас тиэллиэ суохтаах. Маныаха биир пассажирга биэстэн итэҕэһэ суох саа уонна биэс киилэ боеприпас көҥүллэнэр.

Саа иитиитэ суох буолуохтаах. Тырааныспарка ис дьыала уорганнара суох аэропортарыгар докумуону уонна сааны бэрэбиэркэлээһини боломуочуйалаах уорган ыытар.

СИА.

This post was published on 13.06.2018 15:08 15:08