«Якутия» авиахампаанньа "Кыайыы күнэ" аахсыйаны биллэрдэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

«Якутия» авиахампаанньа Россияҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылларыгар «Кыайыы күнэ» аахсыйаны биллэрдэ. Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар Саха сирин уонна Россия территорияларыгар «бара-кэлэ» хайысханан босхо көтүүнү бэлэхтиир.

Көтүү кэмэ: 2025 сыл олунньу 4 — ахсынньы 31 күннэрэ.

Бэтэрээни арыаллааччыга эмиэ босхо билиэт көрүллүөн сөп. Билиэттэри бэтэрээҥҥэ уонна арыаллааччыга биир сакааһынан оҥоһуллар. Рейскэ иккиэн бииргэ кэлэллэр.

This post was published on 05.02.2025 12:02 12:02