«Якутия» авиахампаанньа Кореяҕа уонна Кытайга айан иһин билиэттэри төннөрүүнү саҕалаата

Регионнааҕы авиахампааньа Дьокуускайтан Кореяҕа уонна Кытайга барар-кэлэр айан иһин билиэттэри төннөрүүнү саҕалаата. Коронавирус тарҕаныытын куттала баарын кытта сибээстээх дьаһалы күһэллэн ылыннылар. 


«Кореяҕа уонна Кытайга эпидемиологическай балаһыанньа, коронавируһунан сибээстээн, уустугурбутунан, бу хайысхаларга рейстары тохтоторбут туһунан иһитиннэрэбит. Дьаһал муус устар 1 — 30 күннэрин хабар», — диэн хампаанньа иһитиннэриитигэр суруллар. 

Билигин Дьокуускай – Сеул, Сеул – Дьокуускай, Дьокуускай – Харбин, Харбин – Дьокуускай хайысхаларынан рейстэргэ билиэти төнүннэрии саҕаланна.

This post was published on 16.03.2020 16:54 16:54